Дьааҥы улууһугар Табалаах нэһилиэгэ элбэх ураты талааннаах дьонунан биллэр. Ырыа, муусука эйгэтигэр киэң далааһыннаахтык биллэр ырыаһыт ааптардартан биирдэстэрэ Николай Слепцов — Цой буолар.
Хатың чараңнардаах, чыыбааҕы сылгылаах кэрэ айылҕалаах Дьааҥыны Коля Цой ырыаларын нөңүө сэргээбит элбэх. Кини таас хайалар быыстарыгар түөлбэлээн олорор Табалаах нэһилиэгэр 1970 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Маңнайгы кылааска киириэн эрэ иннинэ төгүрүк тулаайах хаалбыта. Онон биир сыл быысаһан төрөөбүт убайын кытта оскуола кэминээҕи саастара Уус Алдан Суоттутугар ааспыта.
Обургу саастарыгар сайыңңы каникулларыгар Табалаахха кэлэн үлэ сынньалаң лааҕырыгар сылдьаллара. Оройуоңңа өссө 70-нус сыллартан аатырбыт
«Дьүкээбил» вокальнай-инстументальнай ансаамбылы салайар кулууп үлэһитэ Владимир Потапов отчут оҕолору ыллата сылдьан, Коля муусукаҕа, ырыаҕа сыстаҕаһын бэлиэтии көрөр.
Талааннаах уолу бэлиэтээбит мусукаан туһунан Коля маннык ахтар: «Володя наһаа үлэһит киһи этэ. Миигин нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэтигэр ыңыран гитараҕа оонньуурга үөрэппитэ. Онтон Өктөөп бырааһынньыгын улахан кэнсиэригэр «Дьүкээбил» ансаамбылга оонньоппута. Бэлэмнээх буоламмын гитараҕа дорҕоону таһааран барбытым. Онон Өктөөп күнүн ураты күнүнэн ааҕабын«.
Аан бастакы «Табалааҕым кыысчаана» ырыата күн бүгүңңэ диэри ылланар хит буолуута — Коля музыкаҕа ураты суолта уонна ирдэбил уурарын көрдөрөр. Кини биир уратытынан ырыа тылыгар күүстээх болҕомтотун уурар. Поэттар хоһоонноругар элбэхтик суруйар.
Кэлин «Үрүң түүн», ,»Түүл кыыһа», «Ыңырыыга» уо.д.а.ырыалара уостан түспэккэ ылланар буолбуттара, ыччат, араас омук дьоно кини айбыт ырыаларын сөбүлээн истэр, ыллыыр.
«Кино» бөлөх ырыаларынан дойду бүтүннүү тыына олорор кэмигэр таастаах Дьааңыга Виктор Цой ырыаларын Коля Слепцов толороро. Сүгүрүйээччилэрэ киниэхэ «Цой» диэн ааты иңэрбиттэрин кэлин истибитэ. Бастакы ситиһиитинэн хотугу суоналар бэстибээллэригэр элбэхтик гран-при аатын сүкпүтэ. Онтон кынат тардынан Лана Юргина 1996 с. тэрийэн ыыппыт «Саңа ырыа» күрэҕэр кыттан лауреаттаабыта. Ырыалара «Үрдэл» ырыа күрэҕэр иһиллэн, бастыңтан бастың ааты ылбыттара.
Ийэтин кэрэ мөссүөнүн сүрэҕэр илдьэ сылдьар мусукаан: «Ийэбэр анаабыт хас да ырыалаахпын. Ийэ диэн киһи үйэтин тухары баар суох чугас күндү киһиң буолар. Детдомҥа олорбут кэммэр ийэбин ахтар, суохтуур этим«, — диэн ахтар.
Төрөппүттэрэ суох, оҕо саас ыараханын билбит бырааттыылар сокуоннай саастарын ситээт, төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибиттэрэ. Билигин Николай улахан дьиэ-кэргэн аҕата, тыа киһитин сиэринэн ынах сүөһү ииттэр, сайын ахсын оттуур, үүт туттараллар. Уолаттара туһунан ыаллар, кыра уола 9 кылаас үөрэнээччитэ уонна үрүмэччитэ, мааны кыыһа алын кылааска үөрэнэр.
«Айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Онно дьэ мелодия, музыка кутуллан киирэр. Ханан ханнык инструмент тыаһыахтааҕын барытын өйбөр оңоробун. Ол курдук иитиэхтээн сылдьабын. Ырыа ис хоһооно, тиэмэтэ ол кэнниттэн киирэр«, — диир элбэх ырыа ааптара. Үгүс музыкант гитара тутта да иэйиигэ таарыйтарар эбит буоллаҕына, Коля Цойы айылҕата бэйэтэ уһугуннарар уратылаах. Онон «Ырыа толорууга таңас-сап, тас көстүү, уот-күөс көрөөччүнү абылааһын. Дьиңнээх ырыаны уонна ырыаһыты истиигэ ити эгэлгэлэр дьиңэр оруолу оонньооботтор. Сыана култууратын ирдэбилэ» — диирин кытта элбэх профессионал музыкант, ырыаһыт сөбүлэһэллэр.
Икки сыллааҕыта Туймаада туонатыгар улахан кэнсиэри оңорон биир дойдуаахтарын үөрдүбүтэ. «Дьокуускайга ыңыран бэйэтэ сүүрэн-көтөн кэнсиэрбин тэрийбит биир дойдулаахпар Константин Гороховка махталым улахан. Өссө биирдэ айар киэһэбин оңорор баҕа санаалаахпын«, — диир айылҕаттан талааннаах ырыаһыт.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа