26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Табахтан аккаастаныаххын баҕардаххына исписэлиискэ сүбэлэт

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Табахтан аккаастаныахтарын баҕарбыттарга анаан «итии линиялар» нөҥүө сүбэлэри биэриэхтэрэ. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ хайысханы үлэлэтии бэрээдэгин бигэргэттэ. Биэдэмистибэ бирикээһэ информация быраабын порталыгар бэчээттэннэ.


Докумуоҥҥа олоҕуран, «итии линиялары» доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлиир уоргаттар, тэрилтэлэр арыйыахтарын сөп. Кинилэр сүрүн сыаллара — дьоҥҥо табах буортутун кэпсээһин. Манна кальян уонн вейп буортута эмиэ киирсэр.

Исписэлиистэр төлөпүөннээбит дьоҥҥо куһаҕан дьаллыктан хайдах аккаастанары кэпсиэхтэрэ, ол туох түмүктээх буоларын сүбэлиэхтэрэ.

Төлөпүөнүнэн консультация ылбыт киһиэхэ 3 уонна 6 ый буолан баран исписэлиис төхтөрүйэн сибээскэ тахсар. Маннык кинилэр хас киһи табаҕын бырахпытын билиэхтэрэ.

Сиһилии: https://ysia.ru/minzdrav-utverdil-poryadok-raboty-goryachih-linij-dlya-zhelayushhih-brosit-kurit/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар