2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн табахсыттар мэдиссиинэ, атыы-эргиэн дьиэлэригэр, базаларга, ыскылааттарга (анал сирдэртэн ураты) табахтыыллара бобуллуо. Бу туһунан Прайм. суруйар.
Санатар буоллахха, сэтинньи ыйтан кафеларга, кальян рестораннарыгар табахтыыр бобуллубута. Маны таһынан электроннай сигаретаны, вейптары сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго атыылыыр бобуулаах.
Арассыыйаҕа үөрэх, култуура, спорт, мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр табахтыыр 2013 сыллаахтан бобуулаах. Вокзаллар, аэропортар, муора, өрүс портарын таһыгар 15 миэтэрэ тэйиччи табахтыахха сөп. Оҕо былаһааккаларыгар, сөтүөлүүр сиргэ, социальнай сулууспа, судаарыстыбаннай уорган дьиэлэригэр табахтыыр бобуулаах.
This post was published on 25.12.2020 14:01 14:01