Саха сиригэр сүөһү кыстыга этэҥҥэ ааһан эрэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ бары хаһаайыстыбаларыгар олунньу бүтүүтэ 21 487 төбө хороҕор муостаах кыстаан турар, ол иһигэр ыанар ынаҕа 10 199.
Сааскы сылаас күннэр тураннар, хотонтон эдэр сүөһүлэр күнүһүн таһырдьа аһыыр буоллулар.



