Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 2022 сыл үбүлээһин чааһыгар уратылаах буолла. Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагырааманан 12 млрд 496 мөл солк көрүлүннэ. Бу ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ балачча элбэх суума.
Манна эбии кыра хаһаайыстыбалары уонна тыа сиригэр кооперациялары өйөөһүҥҥэ федеральнайдааҕы бюджеттан 637,5 мөл солк биһиги региоммутугар тыырылынна. Ол туһунан тустаах миниистир Александр Атласов иһитиннэрдэ.
Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтинэн федеральнайдааҕы хааһынаттан 39,6 мөл солк табаһыттары көһө сылдьар дьиэлэринэн хааччыйыыга, харааллары тутууга уонна табаһыттар биригээдэлэригэр «беспилотниктары» уонна «квадрокоптердары» ылыыга көрүлүннэ.
Ульяна Попова хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Булуҥ улууһа.
This post was published on 23.12.2021 13:02 13:02