Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «таба мэччирэҥэ» диэн өйдөбүлү сокуонунан бигэргэтэри эттэ. Ити туһунан Ил Түмэн хотугу норуоттар уонна Арктика дьыалаларыгар кэмитиэт мунньаҕар тыа хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Николай Прокопьев эттэ.
Үгэскэ кубулуйбут дьарыкка, булка, балыктааһыҥҥа аналлаах мунньах ахсынньы 4 күнүгэр онлайн-сибээһинэн ыытылынна.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Прокопьев таба мэччирэҥнэрэ судаарыстыбаннай реестрынан таба хаһаайыстыбаларыгар сыһыарыллыбатахтарын бэлиэтээтэ.
Кини эппитинэн, таба мэччирэҥин 80% ойуур пуондатыгар баар. «Маннык сирдэри анааһын уонна сыһыарыы аукционунан ыытыллар. Таба хаһаайыстыбалара харчылара суоҕунан манна кыттар кыахтара суох. 80-с сыллардаахха оҥоһуллубут докумуоннар эргэрдилэр: бас билээччилэрэ уларыйдылар, баһаардар былдьаатылар, бырамыысыланнас өтөн киириитэ уларытыылары киллэрдэ», — диэтэ кини.
Онон, кини этэринэн, РФ Сир уонна Ойуур кодексаларыгар уларытыылары киллэрии уолдьаста. Таба мэччирэҥнэрин таба хаһаайыстыбаларыгар босхо уонна болдьоҕо суох сыһыарыыны тэрийии наадата этилиннэ.
This post was published on 07.12.2020 18:01 18:01