Таба хаһаайыстыбаларыгар оҕону үлэлэтиигэ 11,7 мөл солк биэриэхтэрэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын мунньаҕар судаарыстыбаннай бюджеттан 14 -18 саастаах оҕо таба хаһаайыстыбаларыгар сайыҥҥы дьарыгын тэрийиигэ субсидия биэриитигэр саҥа бэрээдэги бигэргэттилэр. Үбүлээһин суумата 12 тыһ — 24 тыһ солк диэри, суруйар СИА.


Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Гаврил Харлампьев саҥа бэрээдэги билиһиннэрдэ. Судаарыстыбаннай бюджеттан субсидия юрсирэйдэргэ, ИП, НКО — РФ аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын общиналарыгар бэриллэр.

Саха сиригэр сайыҥҥы кэмҥэ таба хаһаайыстыбаларыгар оҕо дьарыктаах буолуутун ыытыы 2018 сыллаахтан саҕаламмыта. Сыала — Арктика уонна хоту улуустар олохтоохторун социальнай өйөөһүн, 14 — 18 саастаах оҕолору сайыҥҥы кэмҥэ таба хаһаайыстыбаларыгар дьарыктааһын.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-napravyat-11-7-mln-rublej-na-trudoustrojstvo-detej-v-olenevodcheskie-hozyajstva/

This post was published on 23.04.2021 14:01 14:01