Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин регионнар сайдалларыгар элбэх бырагырааманы үлэлэтэр.Олортон биирдэстэрэ Уһук Илин куораттарын сайдыытыгар Доруобуйа харыстабылыгар бэдэрээлинэй үбүнэн, медицина тэрилтэлэрин саҥардыыга уонна өрөмүөҥҥэ, оборудование уонна тырааныспар атыылаһыытыгар диэн Таатта хаһыат суруйар.
Бу күннэргэ “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы” эрэгийиэннээҕи бырагырааматын чэрчитинэн, Таатта улууһун киин балыыһатын саҥа таас дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэргэ бэлэм.
Бу эбийиэк үс этээстээх, 4000 кв.миэтэрэ иэннээх, симиэнэҕэ 200 киһи сылдьарыгар ананар. Киирэр аантан саҕалаан аһаҕас офистар үлэлиэхтээхтэр. Балыыһа аныгы комплекса “кыһамньылаах поликлиника” саҥа ирдэбиллэрин учуоттаан тутулунна. Исписэлиис быраастар кэбиниэттэрин сэргэ көмпүүтэр томографтаах, рентгеннээх, УЗИ-лаах, ФГДС-таах диагностика отделениета, функциональнай диагностика кэбиниэтэ, күнүскү сытар балыыһа баар.
Маны таһынан толору үлэлииригэр саҥа технологиялары, профилактика, эмтээһин саҥа көрүҥнэрин киллэриигэ аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир оборудованиелар туруоруллубуттар: 16 срезтаах компьютернай томография, цифровой рентгент аппарат, малодозовай цифровой флюорограф «ПроСкан», рентгент маммограф аппарат, мурун иһин чинчийэр ультразвуковой сканер-эхосинускоп уонна атын медицинскай тэриллэр бааллар. Манна барытыгар анал үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр иилээн үлэлэтиэхтэрэ.
Билигин улуус үрдүнэн үрдүк, орто анал медицинскэй үөрэхтээх үлэһиттэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Нэһилиэнньэ доруобуйатын көрүүгэ-истиигэ бу саҥа поликлиника төһүү күүс буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Елена Слепцова
This post was published on 27.10.2023 16:02 16:02