Бүгүн, Судаарыстыбаннас күнүгэр, «Халыма» федеральнай суол кытыытыгар турар Халамнаайы эбэ уҥа хонноҕор сытар Саппыйа алааска бэлиэ күн тосхойдо. Манна «Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин…» экспозиция быыстапката туруорулунна.
1937 сыллаахха Былатыан Ойуунускай депутакка туруорунарыгар, Саппыйа алааска кэлэн, биир дойдулаахтарын кытта көрсүһүү оҥорбута. Саха сирин сайдыытын туһунан мунньах Майор Кулаковскай балаҕаныгар буолбута. Билигин бу балаҕаны таатталар саҥардан биэрдилэр. Манна быыстапка туруорулунна.
Чөркөөх музейын сэбиэдиссэйэ Н.Е. Попов ыалдьыттарга ирэ-хоро алаас, бу балаҕан историческай суолтатын сырдатта. «Кэлэр сылга бу экспозицияҕа үп-харчы көрүллэн, үлэ өссө толору сырдатыллыаҕа диэн эрэнэ күүтэбит. Балаҕан сөргүтүүтүгэр үлэлээбит улуус дьаһалтатыгар, биирдиилээн көмөлөспүт дьоҥҥо барҕа махтал тылларын этэбит«, — диэтэ кини.
«Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» дииллэр. Саха чулуу уолун, таатталар киэн туттар биир дойдулаахпыт, норуоппутугар сырдыгы тарҕатааччы П.А. Ойуунускай сырдык аатын кэриэстиир биир мэҥэ сири, өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө, силигин ситэриэххэйиҥ, диэн суруйда Светлана Халгаева.
This post was published on 27.09.2021 15:07 15:07