Таатта улууһун Чымнаайы сэлиэнньэтигэр быһыт алдьанна

Таатта улууһун Чымнаайы сэлиэнньэтигэр быһыт алдьанна. Уу таһыма үрдүү турар уонна кутталлаах бэлиэни балтараа миэтэрэнэн аһарар, диэн СИА-ҕа Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров иһитиннэрдэ.

“Бүгүн бөһүөлэк иһигэр баар быһыты уу көҥү көппүтэ. Сэлиэнньэ олохтоохторун эрдэттэн көһөрбүппүт. Уу дэриэбинэни бүтүннүү ылыа суоҕа эрээри, аҥарын ылара буолуо”, — диэтэ СИА-ҕа төлөпүөнүнэн Михаил Соров.

Айаал Яковлев.

This post was published on 15.05.2018 16:31 16:31