Таатта оройуонугар сааскы халаан уутуттан көмүскүүр даамба алдьанар кутталлаах. Билигин дамбаны бөҕөргөтүү уонна үрдэтэн кумаҕынан кутуу үлэлэрэ ыытыллаллар. Бу туһунан бээтинсэҕэ өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа министиэристибэтин уу сыһыаныгар департаменын салайааччытын солбуйааччы Анисия Игнатьева иһитиннэрдэ.
«Таатта оройуонугар хаар уутун содулуттан уонна Чурапчы оройуонун өттүттэн үрэҕинэн уу кэлэн, даамбаны алдьатар кутталлаах. Уу хранилищетыгар баар шлюз-регулятор штатнай режиминэн үлэлиир. Өрөмүөннэнэр учаастакка быстах кэмнээх даамбаны туруордулар, берматентовай болтунанан бөҕөргөттүлэр. Билигин даамбаны бөҕөргөтүү уонна үрдэтии үлэлэрэ бара тураллар. Үс тиэхиникэ үлэҕэ тардылынна, матырыйаал саппааһа баар. Суукканы толору дьуһуурустубалыыллар», — диэн Анисия Игнатьева иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Чурапчы улууһугар Чурапчы уонна Таатта оройуоннарын сэттэ нэһилиэктэрин ууттан көмүскүүр быһыт алдьаммыта.
Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрэринэн, Таатта үрэххэ уу таһыма нэдиэлэ устата үрдүк буолуоҕа.
This post was published on 19.05.2023 15:03 15:03