Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, «Жилье и городская среда” национальнай бырайыак чэрчитинэн Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагырааманан Таатта нэһилиэгин Ойуунускай аатынан уулуссатыгар 34 нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 42 кыбартыыралаах таас дьиэ үөрүүлээхтик арылынна, диэн Таатта хаһыат суруйар.
Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах дьиэни Петр Архипов салайааччылаах СК “Томтор” тэрилтэ тутта. Саҥа дьиэҕэ киирии сэрин-туомун алгысчыт Карл Христофоров алгыс этэн, Аал уоту аһатта.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, СК «Томтор” тэрилтэ салайааччыта Петр Архипов саҥа дьиэҕэ киирбит ыаллары эҕэрдэлээтилэр, дьиэ күлүүстэрин туттардылар, кыһыл лиэнтэни быстылар.
Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов: «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагыраамманан 2010 сылтан үлэлэһэбит. Барыта 700-тэн тахса ыал көһөрүлүннэ, 80-тан тахса дьиэ көтүрүлүннэ. Аны 2025 сылга бу бырагыраама үлэлиэ, онно өссө күүскэ үлэлэһиэхпит», — диэтэ.
This post was published on 03.09.2024 16:18 16:18