Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр өрөбүл күннэр тигинээн олордулар. Сааскы ылааҥы күнү көрсө Наттаараҕа буолбут ат сүүрдүүтүгэр уонна таһаҕаһы тардыыга Игидэйтэн, Дьүлэйтэн, Амматтан, Орто Амматтан уонна Дьохсоҕонтон мустубуттар.
Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Петр Захаров бэлиэтииринэн, уопсайа 38 ат күөн күрэскэ кыттыбыт. Саамай эдэр сүүрүк аттар үстээхтэр, кырдьаҕастара 18-рын туолбуттар. Күрэхтэһиини тэрийэргэ нэһилиэк сылгыһыттара Трофим Габышев, Семен, Михаил Сенькиннэр көҕүлээбиттэр. Күрэхтэһии ыытыллар сирин нэһилиэк олохтооҕо Дмитрий Степанов ый инниттэн ис сүрэҕиттэн кыһаллан бэлэмнээбит. Тэрээһини сылгыһыттыы сылдьыбыт дьон оҕолоро, кэргэттэрэ, аймахтара уонна да атыттар үөрүүнэн өйөөннөр, дьон-сэргэ санаата улаханнык көтөҕүллүбүт.
Дуорааннаах тэрээһиҥҥэ мустубут дьоҥҥо-сэргэҕэ сылгыны дэлэтэр туһугар сыраларын уурбут, эҥкилэ суох бэриниилээхтик үлэлээбит дьоннорун үтүө ааттарын үйэтитэн ахтан-санаан ааспыттар. Ол кэннэ күрэхтэһии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри уоттаахтык-күөстээхтик барбыт. Аттар бары да эрбии тииһин курдук эгил-тэгил буоланнар, киирсии сытыы буолбут.
Сыарҕалаах таһаҕаһы тардыы күрэхтэһиитигэр ирдэбил быһыытынан икки тимир сыарҕа холбуу баайыллыбытыгар 500 таһаҕас (кууллаах кумах) тиэллиэхтээх эбит. Хоҥнорон бардаҕына 10 миэтэрэ буола-буола куул эбиллиэхтээх. Дьэ, манна, дуҕа тостуута, хомууту тоҕо тардыы, хоҥнон түргэтээбит сыарҕаны кууллаах сүгэһэрдээх дьон бэрт нэһиилэ сүүрэн ситэн сыарҕаҕа эбии ууруулара, таһаҕастаах сыарҕалаах ат эргийэн кэлиитигэр киһи мыыммат уонтан тахса бөдөҥ-садаҥ эр бэртэрэ былаахтаах олорунан эбии ыйааһын буолуулара, ат соһон истэҕинэ былаах төһө тэлээрэрэ, хайдах айанныыра, о.д.а. барыта көрүллүбүт. Манна дьохсоҕоннор диэн булчуттар сөбүлээн илдьэ сылдьар аттара 5 центнердээх таһаҕаһы билиммэккэ соһон, дьонун-сэргэтин улаханнык үөрдүбүт.
Маннык көхтөөх тэрээһин сыллата ыытыллара быһаарыллыбыт итиэннэ эһиилги күрэхтэһии Чычымахха буолара чопчуламмыт.
This post was published on 21.03.2016 14:47 14:47