Ытык-Күөлгэ оскуола тутуллар, 450 миэстэлээх, эбии интернаттаах. Эбийиэк «Үөрэҕирии» нацбырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар, аныгылыы тэрилинэн хааччыллар.
«1000 миэстэҕэ стадион тутуллар. Былаан быһыытынан кэлэр сылга үлэҕэ киириэхтээх, ити эрээри сакаасчык уонна муниципалитет, бэдэрээччик түргэн тэтимнээх быһаарыыларынан эбийиэк быйыл тутуута түмүктэниэхтээх. Стадиоҥҥа футбол буолата, сүүрэр суол баар», — диэтэ тутуу миниистирин бастакы солбуйааччыта Евгений Афанасьев.
Элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс тутуллара былааҥҥа баар. Үлэтэ былырыын саҕаламмыта. Каркаһа быйыл тутуллан бүтэр. Эбийиэк үлэҕэ киириитэ «Манчаары оонньууларыгар» былааннанар.
Өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан ат хаайар сирдээх ипподром тутуллар. 2025 сылга бэлэм буолуохтаах. «Демография» нацбырайыак «Спорт — норма жизни» федеральнайдааҕы бырагыраама чэрчитинэн Чөркөөххө модульнай спорт саалата тутуллар.
This post was published on 15.07.2024 09:33 09:33