Чөркөөххө Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннаьын музейыгар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Саха сиригэр историяны уонна кыраайы үөрэтии тиһигэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейа» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи төгүрүк остуол ыытылынна.
Быйыл саха чулуу уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиэхпит. Онон Саха сиригэр эмиэ биир ураты суолталаах сыл үүннэ.
Төгүрүк остуол ыҥырыылаах ыалдьыттарынан Таатта улууһун МТ баһылыгын солбуйааччы А.Г.Гуляева, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов, СӨ Национальнай архыыбын директора П.В.Румянцев, кини солбуйааччыта Н.С.Степанова, СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев фондатын, «Николаев киин» салайааччыта Ю.И.Семенов, СӨ наукатын Академиятын үөрэҕирии салаатын специалиһа А.Н. Пермякова, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Г.Г.Вырдылин, «Саха музейа» ГБУ специалистара уонна улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ муһуннулар.
Хас биирдии кэлбит ыалдьыт үлэтин салаатынан иһитиннэриини, өссө хайдах гынан саҥа, сонун идеяны үлэҕэ киллэриэххэ сөбүн тула кэпсэтии таҕыста. САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар национальнай архыып тэрийбит үлэтин туһунан директор Петр Румянцев, 21-с үйэ музейын тэрийиигэ көрүүлэрин Юрий Семенов эттилэр. Ол курдук улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтин салайар Гаврил Вырдылин бэлиэтээбитинэн, быйыл иккис сылын Чөркөөх музейын тэлгэһэтигэр «Иис, уус, ас» фестиваль далааһына өссө кэҥээн, бу чэрчитинэн П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан «Мин туйгун норуотум — айар күүс кыһата» диэн культурнай-үөрэтэр форум тэриллиэхтээҕин эттэ.
Онон бэс ыйыгар икки улахан тэрээһин тэҥинэн ыытыллара күүтүллэр. Норуот маастардара, иис-уус, сахалыы ас культуратын тэнитээччилэр аны оҕолорго миэстэтигэр бэйэлэрин сатабылларын үөрэтэн, көрдөрөн уһуйуохтара.
«Николаев киин» директора Юрий Семенов билиҥҥи музей ханнык хайысхаҕа үлэлиэҕин сөбүн, Таатта сирэ-уота, айылҕата, кини өҥ буоруттан Саха сирин саарыннара үүнэн-сайдан тахсыбыттарын философиялаан, манна музей тиһиктэрин холбоон, «Таатта — Саха сирин духуобунай киинэ» диэн бырайыагы бары толкуйдуоххайыҥ диэтэ. Үүнэн иһэр эдэр көлүөнэҕэ патриотическай өйү-санааны иҥэрэргэ ыытыллар үлэлэртэн биирдэстэрин Чөркөөх орто оскуолатын учуутала Эмма Кашкина сырдатта. Былырыын Эмма Хрисанфовна чулуу дьоммутун ааттарын үйэтитэр «Они стояли у истоков Автономии» бырайыак толкуйдаан, үс Судаарыстыбаннай музей кыттыылаах, Үөһээ Бүлүү 1-№-дээх Исидор Барахов, Нам Хатырыгар Максим Аммосов, Чөркөөххө Былатыан Ойуунускай ааттарынан орто оскуолалары кытта биир бырайыагынан үлэ ыытылларын билиһиннэрдэ. Бу бырайыак салгыы үлэлээн, хабар эйгэтэ өссө кэҥээн иһэр.
Төгүрүк остуол түмүгүнэн салгыы үлэлэһэргэ үс сүрүн торум ылылынна: улуустааҕы Норуот Айымньытын дьиэтэ Национальнай архыыбы кытары бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ, бу сүнньүнэн архыып үлэһиттэрэ улууска тахсан культура эйгэтин үлэһиттэригэр семинар ыытыахтара уо.д.а. тэрээһиннэргэ кыттыахтара; иккиһинэн «Таатта — Саха сирин духуобунай киинэ» бырайыагы толкуйдаан, биир былаан ылынан салгыы үлэлэһэргэ; П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан, национальнай архыыбы кытары 1980-с сылларга тахсыбыт фотоальбому саҥардан таһаарыы үлэлэрэ күүтэллэр.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста диэн астынан тарҕастылар.
Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Андрей Семенов: «Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын тэрийэргэ диэн туруорсубуппут, бу Төгүрүк остуол үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ бастакы хардыыны оҥордо», — диэтэ.
Төгүрүк остуолу П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейын сэбиэдиссэйэ Михаил Аржаков иилээн-саҕалаан ыытта.
Ааптар: Светлана Халгаева
This post was published on 16.02.2023 17:01 17:01