Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр симэнэн турар саҥа дьыллааҕы харыйа «Россия Харыйалара» диэн куонкуруска кыттар. Кэрэ көстүү оройуон киин бөһүөлэгэр култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар турар.
Саха сиринээҕи ЦУР тэрилтэ эппитинэн, уопсастыбаннай миэстэ «Формирование комфортной городской среды» бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут. Харыйа сүрүн киэргэллэринэн олохтоох табаары оҥорон таһаарар тэрилтэлэр, маастардар, уустар оҥоһуктара буолаллар, оонньуурдар регион уратытын кэпсииллэр.
Тэрээһин атырдьах ыйын 25 — тохсунньу 13 күннэригэр ыытыллар. Сыала — дойду олохтоохторун территорияларын тупсарыы уонна куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии, култуура сыаннастарын үйэтитии, патриотизм уонна дойдунан киэн туттуу.
Куоластааһын 2025 сыл тохсунньу 9 — 11 күннэригэр ыытыллар VK сообществоҕа. Элбэх куолаһы ылбыт 10 регион сыаналаах бэлэҕи тутуоҕа.
Куонкурус РФ тутууга министиэристибэтинэн ыытылынна.