Таатта оройуонугар Амма эбэҕэ тимирбит уу аалларын суох оҥорорго суут эбээстээтэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ленатааҕы бассейн ис ууларга дьаһалтатын Амма эбэҕэ тимирбит уу аалларын хостуурга уонна суох оҥорорго суут эбээстээтэ. Тустаах ирдэбили Таатта оройуонун борокуратуурата суукка ыытта.

Суут борокуратуура сайабылыанньатын толору ылынна.

Борокуратуура дааннайынан, Амма эбэ акваториятыгар уонна уу ылар кытылын балаһатыгар биэс уу тырааныспарын эбийиэгэ тимирэн турар. Тимир дьэбиниттэн тулалыыр эйгэҕэ хоромньу тахсыан сөп.

Уу хаачыстыбатыгар, үүнээйигэ, кыылга куһаҕан дьайыылаах веществолар тахсаллар, диэн борокуратуураҕа быһаардылар.

Суут быһаарыыта күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.

This post was published on 19.03.2024 14:31 14:31