Ситэриилээх былаас 2023 сыллааҕы үлэтин түмүктүүр отчуота Таатта нэһилиэгэр буолла. Мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Егор Павлов салайда. Отчуокка Ил Түмэн дьокутаата Прокопий Рахлеев кыттыыны ылла. Мунньахха 174 нэһилиэнньэ олохтооҕо кэллэ.
Нэһилиэнньэ иннигэр отчуоту СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников оҥордо уонна ыытыллыбыт үлэлэри сырдатта.
Нэһилиэк олохтоохторо кыһалҕалаах ыйытыылара:
— Улууска гаас ситимэ кэлэрин, Чурапчы улууһуттан Ытык Күөлгэ диэри бэдэрээлинэй массыына суолун аспаала.
— «Киэн эбэ» уутун дьылҕата, быһыты, шлюз регуляторы тутууга.
— Улууска Олоҥхо, Киин библиотека дьиэлэрин тутуута хайдах буоларын туоһуластылар.
Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар сайылыктааһыҥҥа бырагыраама үлэтэ, оттуур сир кэмчитэ, сүөһү номуоһун харайыыга, кэпэрээссийэни тэнитиигэ, субсидияны биэриигэ хос үбүлээһин сууматын кыччатыыга ыйытыластылар.
— ОДьКХ хочуолунайдары элбэтии, чааһынай сектордарга ититии ситимин холбонууну кэҥэтиигэ,
— Эдэр исписэлиистэри дьиэнэн хаачыйыыга туох үлэ барарын,
— Бюджет үлэһиттэригэр хамнас үрдүүрүн, инвалидтарга, кырдьаҕастарга анаан олорор дьиэ тутуутугар, чааһынай дьиэлээх саастаах дьон дьиэлэрэ тэҥҥэ эмэҕирбитин, онно туох көмө көрүллүөҕүн,
— «Туйаара» оҕо уһуйаанын тутуута,
— Быстах байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар хаһан кэлиэхтэрин, ас-үөл сыаната үрдүүрүн хонтуруола,
— Тыа сиригэр дьон олохсуйуутугар, каадыр боппуруоһугар ыйытыылар күүскэ турдулар уонна туһааннаах министиэристибэлэртэн сиһилии эппиэти ыллылар, суруйда @taattagazeta
This post was published on 29.02.2024 17:01 17:01