Таатта ипподромугар күргүөмнээх үлэ

Улуус киинигэр, Ытык Күөлгэ, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар ыһыаҕы көрсө күргүөмнээх үлэ cалҕанар.

—Бүгүн «Саһыл Уйалаах» ипподромугар нэһилиэктэн барыта 17 тэрилтэ эр дьоно түмсэн тахсаннар, саҥа күрүө  тута сылдьаллар. Бу хатыйа күрүө 1999 сыллаахха  манна ыытыллыбыт «Манчаары оонньуутугар» тутуллубута. Ону көтүрэн баран, үс мас бүтэй  күрүө тутабыт.  Кэлэр нэдиэлэ бүтүүтэ манна ат сүүрдүүтэ буолуохтаах, — диэтэ улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Гаврил Вырдылин.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

0
0

This post was published on 07.06.2018 17:57 17:57