Таатта улууһун Чөркөөҕөр халаан уута 50-тан тахса олбуору ылла. Ол туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи салаата оптуорунньукка иһитиннэрдэ.
Амма өрүскэ муус төрдүгэр тахсыбытын үрдүнэн, Кыйы күөлтэн Таатта үрэххэ уу киирдэ. Онтон сылтаан Чөркөөххө 50-тан тахса олбуору уу ылла.
«Быыһааччылар бөлөхтөрө даамбалары бөҕөргөтүүгэ туруннулар, куурбут күөлгэ уу түһэриитэ барар. Уу эбиллэр түгэнигэр Чөркөөх уонна Боробул нэһилиэнньэлээх пууннарын намыһах сирдэрин уу ылар кутталлаах», — эппиэттээх тэрилтэ сүрүн управлениетын начаалынньыга Павел Гарин эттэ.
Быһааччылар Таатта оройуонун Чымнаайы, Чөркөөх, Кыйы, Боробул, Кэбээйи улууһун Сииттэ, Халыма бөлөх Зырянка уонна Черскай олохтоохторугар көмөнү оҥоруулара салҕанар.
Ууга барбыт нэһилиэктэргэ хоромньуну ааҕыыга хамыыһыйа үлэлиир. Саха сиригэр барыта уу ылбыт уһаайбатын ахсаана 100-тэн тахса уонна Зырянка аэропордун балаһата.
This post was published on 30.05.2023 10:28 10:28