Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэ көҕүлээһининэн, төрөппүттэргэ БКЭ-ни туттарыыга Күнэ Таатта улууһугар эмиэ ыытыллынна. Төрөппүттэр нуучча тылыгар бэйэлэрин билиилэрин холонон көрдүлэр.
80-ча төрөппүт, ол иһигэр эбэлэр, эһэлэр эмиэ кытыннылар. Эксээмэҥҥэ «Таатта улууһа» МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Изабелла Александровна Сивцева, «Уолба нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Саргылаана Романовна Мосоркина, Дьохсоҕон орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ Лидия Егоровна Григорьева, Тааттатааҕы военкомат исписэлииһэ Михаил Васильевич Баснаев, Тааттатааҕы РЭС монтёра Иннокентий Саввич Слепцов, Чычымахтааҕы учаастактааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Виталий Витальевич Андреев, о.д.а. кытыннылар. Кыттааччылары саастарынан араастаһыыларынан көрдөххө 35-н 70-гар тиийэ саастаахтар бааллар.
Төрөппүттэргэ БКЭ-ни ыытыы бары тэрээһиннэрэ ирдэбил быһыытынан барда. Оҕолоругар мантан хаалбыт кэмҥэ эксээмэннэргэ өссө болҕомтолоохтук, кыһаллан бэлэмнэнэллэригэр күүскэ үлэлэһэргэ санааларын төрөппүттэр эттилэр. Регистрационнай былааҥкаттан саҕалаан сорудахтаах лиистэри болҕойон толороллоруттан улахан тутулуктааҕын бигэтик өйдөөбүттэр. Билигин бу холонууга кыттыбатах бары төрөппүттэргэ оскуолаларга маннык тэрээһини ыытарга этии киллэрдилэр.
Хайа да пууннарга ордук «сочинение» сорудаҕын ыарырҕаппыттар. Атын чаастарын сорохтор син толоруохха сөп диэн түмүккэ кэлбиттэр. БКЭ олус кытаанах ирдэбиллэрдээҕин эттэринэн-хааннарынан биллилэр.
This post was published on 01.03.2018 15:00 15:00