Тааттаҕа «Суорун Омоллоон кэс тыла – XXI үйэ соруктара» декада саҕаланна

Социалистическай Үлэ геройа, саха народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон балаҕан ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ 115 сылын туолар. Төрөөбүт түөлбэтигэр кырдьаҕас Чөркөөххө балаҕан ыйын 7 күнүттэн «Суорун Омоллоон кэс тыла – XXI үйэ соруктара» декада саҕаланна. Декада «Утум» педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ «Суорун ыллыктара» бырайыагын айаныттан саҕаланна.


«Утумнар» Суорун Омоллооҥҥо 7 айаны: П.А.Ойуунускай аатынан оскуола – Ытык Таҥаһа – Ойуун күөлэ –Акыйа, гражданскай сэрии сиэртибэлэригэр аналлаах пааматынньык – Маппыайабыс учуутал дьиэтэ – Чөркөөхтөөҕү политсыылка – П.А. Ойуунускай аатынан Сударыстыбаннас музейыгар тохтоон, сырдатан ааһар тохтобулу толкуйдаабыттар. Бу тохтобуллар барыта Суорун Омоллоону кытта ыкса сыһыаннаахтар. Ол курдук бастакы ыллык — П.А.Ойуунускай аатын сүгэр Чөркөөх орто оскуолатыттан «Суорун Омоллоон уонна Чөркөөх орто оскуолата үйэлэри уҥуордаан» диэн тэрээһинтэн саҕаланна. Манна үөрүүлээх миитиҥҥэ Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов, оскуола директора С.В.Сунхалыров, нэһилиэк общественноһа, үөрэнээччилэр кыттыыны ыллылар.

Бу курдук хас биирдии тохтобулга Суорун Омоллоон биһигин ыйаабыт сирэ-уота сырдатылынна. Истиҥ биир көрсүһүү Дмитрий Кононович ыра санаатын-оноотун түмпүт – Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейыгар тохтобула буолла. Манна кинини кытта бииргэ алтыһан үлэлээбит, элбэх баҕа санаатын истибит музей ветеран үлэһитэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Изабелла Жерготова истиҥ ахтыыны Николаевскай таҥаратын дьиэтин таһыгар оҥордо. Изабелла Яковлевна кэпсиирин истэ туран, Суорун Омоллоон эдэр дьоҥҥо туһулуур кэс тыла иһиллэргэ дылы. Салгыы музей эбийиэктэригэр тохтоон аастыбыт. Ол курдук, Ионов оскуола-балаҕаныгар народнай суруйааччы кинигэлэрин туһунан олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Т.Е.Мандарова иһитиннэриитин, үктэтии миэлиҥсэҕэ Суорун Омоллооҥҥо былыргы олох-дьаһах туһунан үгүс сүбэни-аманы оҥорбут М.Г.Баев кырдьаҕас сиэнэ А.Г.Баева, уустар балаҕаннарыгар норуот күүһүнэн тутуллубут музей уустарыттан биирдэстэрэ А.Р.Федосеев огдообото К.П.Федосеева ахтыыларын иһиттибит. Салгыы уустар балаҕаннарыгар тохтоон холкуос тэриллиитин 1929 – 1934 сылларынааҕы кэмигэр аналлаах «Күкүр Уус» драматыттан Күкүр Уус монологун норуот театрын артыыһа В.Ф.Ефремов ааҕан оччотооҕу кэмҥэ төннөн аастыбыт.

Чөркөөҕү тоҕо кырдьаҕас диибитий? Чөркөөх 1932 сыллаахха диэри Таатта улууһун киинэ этэ. Онон 1922 сыллаахха, буурҕа-буулдьа, дирбиэн-дарбаан күннэргэ, манна маҥнайгынан кыһыл дружина тэриллибитэ. Суорун Омоллоон 1927 сыллаахха суруйбут «Охоноон» айымньытын сүрүн геройа Киирик прототибын хос-хос сиэннэрэ «Бабаарына кистэлэҥнэрэ» диэн аҕыс кырыылаах төрүттэрин бабаарынатын туһунан В.И.Харитонова кыргыттарынаан, балтынаан кэпсээн айан тохтобулларын ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Түмүк тохтобул Улуу биир дойдулаахпыт Судаарыстыбаннас музейыгар буолла. Манна бүгүҥҥү «Суорун ыллыктара» айан түмүгүн таһаарыы, музей сэбиэдиссэйэ М.Г.Аржаков «Ойуунускай уонна Суорун Омоллоон», Чөркөөхтөөҕү культура дьиэтин директора А.И.Собакин, олохтоох театр режиссера М.П.Яковлева «Суорун Омоллоон уонна П.В.Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот театра» иһитиннэриилэрин иһиттибит.

«Суорун ыллыктара» айан санаа хоту баран, саха саарына, ытык мааны биир дойдулаахпыт Дмитрий Кононович олоҕор бэлиэ сирдэрин билэн-көрөн тарҕастыбыт. Бу тэрээһини олохтоох театр артыыстара «Охоноон», «Күкүр Уус» драматыттын быһа тардан толорон ситэрэн-хоторон, тыыннааҕымсытан көрдөрөн киэргэттилэр. Онтон «Утум» педагогическай үлэ бэтэрээннэрин түмсүүтэ П.Ф.Кычкина, Е.И.Аржакова уо.д.а. бырайыактара улуу биир дойдулаахтарбытын үйэтитиигэ үлэлэрэ олус кэскиллээх.

Түмүккэ, Суорун Омоллоон: «Үчүгэй үксээтин, өрөгөй үрдээтин Ойуунускай кэриэһэ оннук этэ» диэн этиитин тирэх оҥостон олоруоҕун, айыаҕын-тутуоҕун, диэн СИА-5а С.ХАЛГАЕВА.
Хаартыскаларга: «Суорун ыллыктара» айан тохтобулларын түгэннэриттэн.

This post was published on 09.09.2021 15:01 15:01