Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Таатта улууһун Туора-Күөл-Ытык Күөл суолугар суол быһылаана таҕыста. Ол түмүгэр биир киһи өллө, икки киһи эмсэҕэлээтэ.
«Мазда-Просид-Леванте» массыына суоппара биир пассажирдаах Туора-Күөлтэн Ытык Күөл тиийбит, онтон билэр киһилэрин ылан баран төттөрү айаннаабыттар. Төттөрү айаннаан истэхтэринэ, суоппар уруулун кыайан туппакка суолтан түҥнэстибиттэр», — диэн Саха сиринээҕи ГИБДД управлениетын салалтатыгар кэпсээтилэр.
Үһүөннэрин Таатта оройуонун балыыһатыгар араас эчэйиилээх балыыһаҕа киллэрбиттэр. Сотору кэминэн хирургия отделениетыгар биир пассажир өлбүт.
ДТП буолар кэмигэр ким даҕаны куттал суох буолуутун хааччыйар куру иилиммэтэх. күһэллибэтэҕэ. Суоппар массыына ыытарга 2001 сылтан ыстаастаах, ПДД сокуонун кэһии иһин административнай эппиэтинэскэ сыл устата биирдэ тардыллыбыт. Арыгыны иһиини бэрэбиэркэлээһин түмүгэ 0,950 мг/л / л көрдөрбүт, суоппар итирик испит.
Суол саахалын туох баар быһыытын-майгытын, төрүөтүн силиэстийэ быһаарыаҕа.