Дойду үрдүнэн үлэлиир байыаннай-историческай общество үлэтэ 2012 сыллаахха президент Владимир Путин уурааҕар олоҕуран тэриллибитэ. Сүрүн сыалынан-соругунан дойду иһигэр баар байыаннай-историческай, культурнай объектары, нэһилиэстибэни үөрэтии, чөл хаалларыы, үүнэр иһэр эдэр көлүөнэҕэ патриотическай тыыҥҥа, иитэр-үөрэтэр суолталаах. Таатталар далааһыннаах дьаһалга кытталлар.
Общество Саха сиринээҕи салаатын Е.Ярославскай аатынан холбоһуктаах музей директора Николай Бугаев салайар. Бу күннэргэ Дмитрий Николаевич Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Албан аат толору кавалера, чулуу буойун Д.А.Петров олорбут дьиэтигэр дойду үрдүнэн ыытыллар акция чэрчитинэн мэҥэ өйдөбүнньүк бэлиэни туруорууга сырытта. Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ Таатта, Дьохсоҕон нэһилиэктэрин баһылыктара Егор Павлов, Петр Захаров, 2-с №-дээх Ытык Күөл орто оскуолатын директора Дмитрий Сергеев, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлин сэбиэдиссэйэ М.Г.Аржаков, сулустаах буойун оҕолоро, сиэннэрэ уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Николай Бугаев дойду үрдүнэн үлэлиир байыаннай-историческай общество ыытар үлэтин, ханнык акциялар баалларын туһунан сырдатта. Бүгүҥҥү тэрээһин акцията инньэ 2015 сылтан ыла саҕаламмытын, бу сылга диэри уопсайа дойду үрдүнэн Геройдар, Албан аат толору кавалердара олорбут дьиэлэригэр, үөрэммит оскуолаларыгар, кинилэр ааттарын кытта ситимнээх уулуссаларга уопсайа 2900 мемориальнай дуоска туруоруллубутун туһунан эттэ. Саха сиригэр биир бастакынан бу Ытык Күөлгэ Д.А.Петров олорбут дьиэтигэр туруорбуттарын туһунан бэлиэтээтэ. Маннык мемориальнай дуоскалар салгыы ууруллуохтара диэтэ.
Нэһилиэк баһылыктара Егор Павлов, Петр Захаров Таатта улууһун Геройун аатын үйэтитиигэ ыытыллар үлэлэри кэпсээтилэр. Ол курдук Д.А.Петров аатын сүгэр Ытык Күөл иккис нүөмэрдээх оскуолата улууспутугар киэҥ үлэни иилиир-саҕалыыр. Олортон ааттыахха сөп «Албан аат» кулууп байыаннай-патриотическай хайысхаларынан үлэлиирин. 10 геройдар ааттарын сүгэр оскуоланы кытта сибээс тутуһар, сыл аайы Петровскай ааҕыылары, буулдьанан ытыыга күрэхтэһиилэри тэрээһиннээхтик ыытар. Быйыл кыайыы кынаттаах, албан ааттаах чулуу буойун төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйэ төрөөбүт нэһилиэгэр Даккыга (Дьохсоҕоҥҥо билигин киирэр, -авт.) өрөспүүбүлүкэ хабааннаах тэриллибитэ.
Буойун Д.А.Петров 1921 сыллаахха от ыйын 8 күнүгэр Таатта улууһун Боробул нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1938 сыллаахха 7 кылаастаах Уолба оскуолатын бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран социальнай хааччыйыы отделын инспекторынан, промартыал суотчутунан үлэлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин уоттаах кыргыһыытын толоонугар 1942 сыллаахха Чурапчы райвоенкоматынан кыһыл аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Аҕа дойду улуу сэриитигэр 1944 сыллаахха муус устар ыйтан киирбитэ. 1-кы Белорусскай фронт 11-с танковай корпуһугар 65-с танка биригээдэтигэр моторизованнай батальон пулеметчыга. Дмитрий Ананьевич күн сиригэр баара-суоҕа 50 сыл олорбута.
Киил мастыы уһаарыллыбыт саха чулуутун олоҕо, үлэтэ-хамнаһа атыттарга үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэ, сырдатылла туруохтун.
Ааптар: Светлана Халгаева, Таатта
This post was published on 07.12.2021 15:01 15:01