Тааттаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үс үрдүк үөрэҕин тэрилтэтэ үлэлээтэ

Таатта улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үс үрдүк үөрэҕин тэрилтэтэ: Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын, Арктикатааҕы культура уонна искусство, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт Институттарын ректордара, преподавателлэрэ, студеннара быйыл оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччилэргэ профориентационнай үлэни ыыттылар. БКЭ бэлэмнэниигэ, идэни сөпкө талыныыга күн устата кэпсэттилэр. 


Ректордар Иван Иванович Слепцов (ДьТХА), Саргылана Семеновна Игнатьева (АГИКИ), Иннокентий Иннокентьевич Готовцев (ЧГИФКиС) уонна «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Михаил Михайлович Соровы, үөрэҕирии улуустааҕы салалтатын начальнига Аиза Николаевна Миронованы, улуус оскуолаларын директордарын, тэрилтэлэр салайааччыларын, төрөппүттэри кытта көрүстүлэр. Көрсүһүүгэ СӨ үс үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрэ ректордар биир өйгө-санааҕа, бииргэ алтыһан үлэлииргэ «3 кут 3 сэргэ» бырайыагынан «Образование+культура» диэн бырагырааманан Илин эҥээр улуустарынан Өймөкөөнүнэн, Томпонон, Чурапчынан бастакы сырыылара саҕаламмытын, Таатта улууһугар «Таатта ыччатын сайдар эйгэтэ» культурнай, иитэр-үөрэтэр кластер үлэтин улаханнык сэҥээрбиттэрин, бэйэлэрин үөрэхтэрин тэрилтэлэригэр бу уопуту салҕаан үлэлэһэр былааннаахтарын иһитиннэрдилэр. АГИКИ ректора С.С.Игнатьева Баайаҕаҕа Мандар Уус үөрэҕин студеннарга практика быһыытынан сатабыл таһымыгар таһаарар баҕалааҕын, ДьТХА ректора И.И.Слепцов улуус агрооскуолаларын, тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлиир наадатын, ЧГИФКиС ректора И.И.Готовцев саха ыччатын эт-хаан өттүнэн уонна фундаментальнай, научнай билиилээх, ону олоххо, үлэҕэ сатаан туһанарга киэҥник, дириҥник ылсан үлэлииргэ туруммуттарын иһитиннэрдилэр, биллэрдилэр, инникитин улууһу кытта бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһиигэ илии баттаһан араҕыстылар.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыа хаһаайыстыбатыгар, чэгиэн-чэбдик, чөл буолууга, культураҕа уонна искусствоҕа инники күөҥҥэ сылдьарбытыгар дьаныһан үлэлиир үрдүк үөрэхпит тэрилтэлэрэ саҕалаабыттара салҕанан, сайдан иһиэҕэ диэн эрэнэбит.

This post was published on 13.02.2018 17:05 17:05