Таатта улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүт, киинэ түспүт, буһан-хатан тахсыбыт сиритттэн — Муҥха Дэлбэрийбит, бастакы үөрэх-билии эйгэтигэр сомсубут оскуолата баар Наммара Төрдө алаастарыттан саҕаланна. Айылҕа анаан-минээн сылаас сааскы күнү бэлэхтээн, дьон-сэргэ санаата өссө кэлэн үөнүү-көтүү аргыстаах бэлиэ күн түһүлгэтэ олохтонно.
Өрөспүүбүлүкэ Күнүн бэлиэтии Дьокуускай куораттан СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы Дмитрий Садовников салалталаах делегация, Таатта — Томпо быыбардыыр уокуругуттан Ил түмэн депутата Виктор Лебедев, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччыта Алексей Лобанов, нэһилиэктэртэн делегациялар кыттыыны ыллылар.
Үөрүүлээх миитин улууспут эдэр салайааччы эр дьоно Былатыан Ойуунускай уоттаах-төлөннөөх хоһооннорун дуораччы ааҕыыларыттан, Халамнаайы күөлүгэр куйуурдаан өйүө булунар оҕо сааһын кэрчик кэмэ ойуулааһынтан саҕаланна.
Улууспут аҕа баһылыга Михаил Соров ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ: «Бүгүн саха олоҕор дьоһун суолталаммыт күн үүннэ. Сүүс биир сыл анараа өттүгэр бу күн киинтэн тэйиччи сытар, хаалыылаах дойду сайдыы саҥа суолугар үктэммитэ», — диэн саҕалаата. Салгыы кини, тэрээһин ыытыллар сирэ — саха киһитин сүрэҕэр-быарыгар ортотунан киирэрин, бу эргин хара тыаҕа, чүөмпэтигэр кыракый Былатыан олоҕу бастакы анаарыылара саҕаламмытын эттэ. Кини дьолугар чугас оскуола аһыллан үөрэх-билии бастакы үктэлин ылан, сытыы тыллаах-өстөөх, үөрэҕэр бастыҥ уол нэһилиэгин дьонун хараҕын далыгар киирэн, онтон көмө-ньыма ылан, салгыы дьоллоох Дьокуускайга үөрэнэр аартыга тэлиллибитин бэлиэтээтэ. Былатыаны норуот бэйэтэ үөрэтэн, сирдээн таһаарбыта. Кини төрөөбүт алааһыгар турар балаҕана, үөрэммит оскуолата үһүс үйэни нөҥүөлээн биһиэхэ кэллэ. Онон бу манна баар мэҥэ өйдөбүнньүктэр олус дириҥ суолталаахтарын эттэ. Түгэнинэн туһанан норуот депутатыгар Виктор Лебедевкэ оскуола-балаҕаны саҥардыыга уонна Таатта эбэни туоруурга бетон муоста туттарбытын иһин барҕа махтал тылларын улуус олохтоохторун ааттарыттан тиэртэ.
СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы Дмитрий Садовников Тааттаҕа түөртэ кэлэ сылдьыбытын, ол эрээри Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар, үөрэммит оскуолатыгар бастакы сылдьыыта буоларын иһитиннэрдэ. Онон улаханнык долгуйбутун туһунан бэлиэтээтэ. «Саха чулуу уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүт сиригэр, мэҥэ өйдөбүнньүгүн аттыгар туран Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Саха сиригэр Таатта улууһа былыр былыргыттан бастакы үөрэхтээхтэр, айар тыл аҕалара төрөөбүт-үөскээбит, аартыгы арыйааччылар түөлбэлэрэ буолар. Улууска хас сырыым аайы элбэҕи билэн-көрөн барабын. 2025 сылга манна өрөспүүбүлүкэтээҕи Манчаары оонньуулара улууска ыытыллыахтара, онон саҥа тутуулар, сайдыы олуктара ууруллуохтара. Таатта дьоно-сэргэтэ дьоллоох, сайдыылаах буолуҥ», — диэн эттэ.
Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов нэһилиэк ыытар үлэтин-хамнаһын, дьонун-сэргэтин туһунан сырдатта. Былатыан төрөөбүт дойдутугар кини аатын сүгэр тэрилтэлэр баалларын, эһиил кини аатынан саҥа элбэх хайысханы толорор таас дьиэ уораҕайа үлэҕэ киириэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Салгыы Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейын сэбиэдиссэйэ Н.Е.Попов ыалдьыттары батыһыннаран, Былатыан үөрэммит бастакы оскуолатын көрдөрдө. Музей-уһаайба инники үлэтин тоһоҕолоон: «Манна төрөөбүт дойдубут дьоно-сэргэтэ, ыалдьыттара дьыл хайа баҕарар кэмигэр сылдьалларын курдук уот-күөс тардыллан, суол-иис оҥоһуллуон наада. Сайынын бу кэрэ, ураты тыыннаах сиргэ оҕолорго лааҕыр тэрийэн үлэлэтэн, музей-уһаайба саха ыччатын иитэргэ-үөрэтэргэ суолтатын өссө дириҥэтэн, үлэ саҥа хайысхатын тэрийэр кэммит кэллэ», — диэн санаатын тириэртэ.
Төрөөбүт оскуолатыттан экскурсияны саҕалаан, Таатта эбэни саҥа бетон муостанан туораан, Былатыан сирэм күөх алааһыгар үктэнэбит. Манна кини буор кутугар тохтоон, сүгүрүйэн аастыбыт. П.В.Толстяков аатынан олохтоох народнай театр артыыстара Былатыан дьиэ кэргэнин туһунан дьүһүйүүнү көрдөрөн, оччотооҕу кэмҥэ эргиллэн ыллыбыт. Этэргэ дылы, хаама сылдьар испэктээҕи көрөн атын эйгэҕэ ыалдьыттаан аастыбыт.
Былатыан оҕо эрдэҕиттэн олоҥхоһуттары, норуот ырыаһыттарын тартаран туран сөбүлээн истэрэ, кэлин бэйэтэ кыралаан олоҥхолоон айаҕын булунар да күннэрдээҕэ. Кини төрөөбүт балаҕаныгар бу күн «Дьулуруйар Ньургун Боотуртан» быһа тардыыны билиҥҥи талааннаах, улууспут тарбахха баттанар олоҥхоһуттарын бөлөҕө толоруулара кэлбит эрэ ыалдьыттары сөхтөрдө. Чахчы да Былатыан бары өттүнэн дэгиттэр буоларын ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Үтүө үгэһи чиҥэтэн, Былатыан төрөөбүт уонна үөрэммит оскуолаларын көмүлүөк оһохторун алгыстаах аал уоттара кэлбит дьону барыларын сылааһынан угуттаата. Саха сиэринэн алаадьы, саламаат, итии чэй хас биирдии ыалдьыкка тигистэ.
Саха чулуута, биир дойдулаахпыт Былатыан Ойуунускай бэйэтэ эппитинии, бу үтүө өрөгөй күҥҥэ этигэн хомуһа тардылынна, күлүмнэс күн эйэҕэс тойуга кэс тыл буолан алаас алаас аайы унаарда.
Ааптар: Светлана Халгаева
Хаартыскаларга: Өрөспүүбүлүкэ күнэ — Таатта сиригэр, Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыттан.
This post was published on 27.04.2023 17:23 17:23