29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Тааттаҕа минерализованнай балаһалары оҥоруу үлэлэрэ күүскэ ыытыллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа үрдүнэн хас биирдии нэһилиэккэ баһаартан сэрэнэн минерализованнай балаһа баар буолуохтаах диэн ирдэбил күүскэ кэлиҥҥи кэмҥэ турда.

Бүгүн Амма нэһилиэгэр «Тааттатааҕы лесничество» үлэһиттэрэ Семен Ковлеков уонна Тимофей Дуюков минерализованнай балаһаны биир килэмиэтир сири оҥордулар. Булууктаах гусеничнай тыраахтарынан үс балаһаны дэриэбинэ тулатыгар тартылар. Бу иннинэ маннык үлэни Баайаҕаҕа уонна Ытык Күөлгэ оҥорбуттар.

Ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суоһуур түгэнигэр аһаҕас уоту бопсор инниттэн минерализованнай балаһа олус суолталаах.

Баһаартан сэрэхтээх буолууга үлэ салҕанар.

Дария Иванова
Таатта хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА