Тааттаҕа халааны утары үлэҕэ бэлэмнэнии туһунан мунньах буолла

Таатта улууһугар өрөспүүбүлүкэҕэ сааскы, сайыҥҥы-күһүҥҥү халаан уутун аһарыыга, халааны утары үлэ тэрээһиннэригэр, былааннааһыҥҥа биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөх Илин Эҥэр улуустар салалталарын кытта мунньахтаата.


Мунньаҕы СӨ нэһилиэнньэ куттала суох буоларын хааччыйар судаарыстыбаннай Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев салайда. Өрүстэргэ мууһу кэбирэтиигэ, халаантан сэрэтэр тэрээһиннэри ыытыыга гидрометеорологическай кэтээн көрүү туһунан иһитиннэриини Саха Сиринээҕи гидрометеорологическай сулууспа салалтатын сүрүннүүр инженер К.Кусатов, СӨ сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээһини туоратар уонна чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытыыга судаарыстыбаннай хааһына тэрилтэтин техническэй салаатын начальнига В.Давыдов оҥордулар. Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Томпо, Чурапчы улуустарын баһылыктара, бэрэстэбиитэллэр, Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Е.Павлов ыытыллар үлэ-хамнас туһунан иһитиннэрдилэр.

К.Кусатов этэринэн, быйылгы балаһыанньа 2012 сыллааҕы таһымҥа тэҥ. Кулун тутар бүтэһик декадата нуорманы таһынан итийбит, онтон муус устар саҥата тымныйда. 2012 с.ыам ыйыгар Алдан өрүс эрдэ эстибит. Быйыл Алдаҥҥа Томпоттон аллара муус харыыта Уус Таатта, Хара Алдан, Уус Алдан нэһилиэктэригэр буолуон сөбүнэн, бэлэмнэнии үлэ эрдэттэн барара ордугун тоһоҕолоон этэр. Оттон Таатта үрэх сүнньүгэр Таатта—Чурапчы икки ардыгар хаар халыҥа нуормаҕа сөп түбэһэр. Ол эрээри, Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр үрэх сүнньүн эҥэр ыаллар сэрэхэдийэллэрэ наада. Онон сибээстээн манна хас да сиргэ гидропостар туруоруллан кэтээн көрүү үлэ ыытыллара наадалааҕын ыйда. Кэтээһиҥҥэ бары постар «Балтийскай систиэмэнэн» бэлиэтииллэригэр этии киллэрдэ.

В.Давыдов халаан уутуттан сэрэниигэ, туоратыыга ыытыллар үлэлэр тустарынан билиһиннэрдэ. А.Ноговицын (Чурапчы улууһа) мууһу хараардыыга Мындаҕаайы, Мырыла учаастактарыгар анаммыт бэдэрээччит үлэтэ мөлтөҕүн эттэ. Улуустарга сылгыны, сүөһүнү страховкалааһыҥҥа страховой хампаанньалар көһүүннүк сыһыаннаһалларын, страховкалыыртан аккаастанар да түбэлтэлэр баалларын иһитиннэрдилэр. Ытык Күөл бөһүөлэгэр ууну хачайдыыр насоснай станциялар, сифон, турбалар наадаларын, үп суоҕун нэһилиэк баһылыга Е.Павлов иһитиннэрдэ. Ю.Зайцев матырыйаалы хааччыныы уонна үп боппуруоһа бастакынан турар тыын боппуруос буоларын чопчулаата. ГСМ-ҥа, о.д.а. туһааннаах тэрилтэлэри кытта дуогабардаһыыны түргэтэтэргэ сорук туруорда. Кумаҕы, кууллары билиҥҥиттэн саппаастаахтык хааччынарга сорудахтаата. Халаан кэмигэр дьон доруобуйаларыгар куттал суох буолуутун, аһылыгынан саппааһырыыны хааччыйыыга ураты болҕомтону уурарга эттэ.

Ыам ыйын 1—20 күннэригэр муус устуута, ыам ыйын 22—бэс ыйын 10 күннэригэр уу таһымнаан туруута, салгыы ардахтар элбэхтик түһүөхтэрин сөбүн ыйда. Муус устар 14-17 күннэрин диэки күнү-дьылы кэтээн көрүү сулууспата ый бүтэһигин, ыам, бэс ыйдарын, сөҥүүлэри чопчулуур иһитиннэриилэри оҥороругар эттэ. Онтон баһаартан сэрэхтээх буолууга эрдэттэн былааннаах үлэ тиһиктээхтик ыытылла туруохтааҕын бэлиэтээтэ.

Онон сааскы, сайыҥҥы халаан уутун этэҥҥэ аһарарга сөптөөх сэрэтэр, бэлэмнэнэр үлэ саҕаламмытынан, бары нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, оскуолалар салалталара эксээммэннэри туттарыы кэмигэр араас өрүттээх үлэни тэрийиигэ билиҥҥиттэн ылсаллара, былаанныыллара эрэйиллэр.

Виктор ВИНОКУРОВ, Таатта.

This post was published on 11.04.2017 17:53 17:53