Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр Таатта Чөркөөҕөр П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннаһын музейыгар Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев, депутаттар, туһааннаах министиэристибэ салайааччылара кыттыылаах оробуочай мунньах ыытылынна. Билигин музейга капитальнай өрөмүөн ыытыллара былааннанарынан, миэстэтигэр чопчу туох-ханнык үлэ барыахтааҕын көрдүлэр.
Быйыл Автономияны төрүттэспит, саха бастакы салайааччыларыттан биирдэстэрэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолар. Бу бэлиэ сылынан кини аатынан Сударыстыбаннас музейыгар капитальнай өрөмүөн ыытыллара былааннанар.
Спикер Алексей Еремеев музейга иккис ыалдьыттааһына буолар. Былырыын бастакы сырыытыгар музей үлэтин-хамнаһын, дьиэтин-уотун кэлэн көрөн-истэн барбыта. Билигин музейга капитальнай өрөмүөн ыытыллара былааннанарынан сибээстээн, миэстэтигэр чопчу туох-ханнык үлэ барыахтааҕын көрдө. Ол курдук, сүрүннээн мунньахха икки боппуруос көрүлүннэ. Бастакытынан, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейын туһунан иһитиннэриини «Саха музейа» СӨ ГБУ административнай-хаһаайыстыбаннай боппуруоска директоры солбуйааччы А.М.Ховров оҥордо. Иккиһинэн, музей дьиэтэ-уота ханнык кыһалҕалаах боппуруостары туруорсарын тула ырытыыны СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствотын государственнай функцияны хааччыйыы отделын начальнига А.В.Сидоров иһитиннэрдэ.
Улуус баһылыга Михаил Соров, бэйэтин санаатын тиэртэ. Музейга капитальнай өрөмүөн ыытыллан, саҥа аныгы технологиянан хааччыллан үлэтин аартыга кэҥииригэр, чуолаан үүнэн иһэр эдэр көлүөнэ интириэһин тардар буолуохтаах диир. «Билигин кумааҕы хаартыскалар, докумуоннар уларыйан фондаҕа, архыыпка харалла киирэллэр. «Россия- моя история» музей курдук интерактивнай дуоскалар, аныгы технологиялар киириэхтэрин наада», — диэн бэлиэтээтэ.
Мунньаҕы түмүктээн А.И. Еремеев: «Быйыл музейы өрөмүөннээһиҥҥэ докумуоннары бэлэмнээн санаабытын түмүөххэ наада. Докумуон, экспертиза өттүн оҥорон 2024 сыллааҕы бюджекка киирэр гына оҥоруохха. Акылаатыттан саҕалаан истэри-тастары бүттүүн көрөн комплекснайдык толкуйдуохха. Бюджеты сөпкө туһанан, капитальнай өрөмүөн туһунан боппуруос кэлин турбатын курдук», — диэтэ. Салгыы кини: «Музейдарбыт бэйэ бэйэлэригэр майгыннаһар буолан эрэллэр. Ол эрээри омук быһыытынан уратыбытын көрдөрүөх тустаахпыт. Бүгүн таатталар санааҕытын истээри кэллибит», — диэн бэлиэтээтэ.
Музей сэбиэдиссэйэ М. Аржаков, специалиһа М. Барахова музей үлэтин, саҥа экспозицияҕа тугу хабан туруорары эттилэр.
Онон Былатыан Ойуунускай үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн биир улахан үлэ — кини аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар капитальнай өрөмүөн ыытыллара уонна саҥа аныгы технологиянан хааччыллыбыт экспозициялар туралларыгар бастакы үрдүк таһымнаах мунньах, хардыы оҥоһулунна.
Ааптар: Светлана Халгаева
Хаартыскаларга: Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар ыытыллыбыт мунньах түгэннэриттэн.
This post was published on 21.03.2023 17:03 17:03