«Кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт, эдэртэн эйэтин ыл» — диэн өс хоһооно этэринии, Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгин аҕам саастаах дьоно куруук эдэрдэргэ сүбэ-соргу буолаллар, НВК Саха ИГ-ханаал суруйар.
Нэһилиэк олоҕор куруук көхтөөх кыттыыны ылан, эдэрдэргэ үтүө холобур буолаллар. Оннооҕор дэриэбинэни ыраастааһын субуотунньуктарыгар биир бастакынан кинилэр кэлбит буолар идэлээхтэр.
Харбалаахха баар «Эбээлэр», «Коллекционердар»түмсүүлэрэ оҕо аймаҕы кытта куруук бииргэлэр.
Араас тэрээһиннэргэ кэлэн, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга, төрөөбүт дойдуну таптыырга-ытыктыырга үөрэтэн, кэс тылларын тиэрдэллэр.
Бу күннэргэ оскуола бары үөрэнээччилэрэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар тиийэн «Ытык саастаахтар күннэринэн» эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэрин туттардылар, ырыа-хоһоон аахтылар. Ким көмөҕө наадыйарга күүс-көмө буоллулар. Ити курдук аҕа саастаахтарга ытыктабыл, өйөбүл куруук ситимин быспакка баар буоллун!
Валентина Кривошапкина, Таатта, Харбалаах
This post was published on 11.10.2024 14:36 14:36