Таастаахха саха сүөһүтүгэр анаан хотон туттулар

Саха сүөһүтэ турар 150  төбөҕө анаммыт өрөспүүбүлүкэҕэ иккис улахан хотону сэтинньи 6 күнүгэр Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр астылар. Билигин хотоҥҥо 172 сүөһү турар, онтон 52-тэ ыанньык. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруйар.


Саха сүөһүтүгэр анаммыт саҥа комплекс өрөспүүбүлүкэҕэ иккис тутуу. Эбийиэк аныгылыы тутуулаах, автоматизированнай. Үлэһиттэргэ анаан сынньанар, таҥас уларыттар анал хостордоох. 120 төбөҕө анаммыт бастакы хотон икки сыллааҕыта Эбээн-Бытантай улууһугар тутуллан киирбит. Инникитин маннык хотоннору Горнай, Үөһээ Бүлүү, Амма улуустарыгар тутар былааннаахтар.

Тутуу «Агрохолдинг Туймаада» АО инвестиционнай бырагырааматынан барбыт.

2024 сылга саха ынаҕын ахсаанын 3 тыһ. төбөҕө, ыанньык ахсаанын 1 тыһ. тиэрдэр сорук турар.

«Саха ынаҕа» тэрилтэ быйыл Мииринэй Сүлдьүкээригэр 156, Ньурба Чкаловыгар 100 төбө саха сүөһүтүн иитиигэ анаан тиэрдибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ саха ынаҕын иитиинэн өрөспүүбүлүкэ 14 улууһун 20 нэһилиэгэр уонна Дьокуускайга дьарыктаналлар.

Бүтэһик 5 сылга саха сүөһүтүн ахсаана 1,5 төгүл үрдээн, 2 тыһ. төбөҕө тэҥнэстэ. Итинтэн 760 генофонднай питомниктарга турар, 555 – базовай хаһаайыстыбаларга, 585 – биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбаларга итиэннэ урбаанньыттарга.

This post was published on 09.11.2020 17:01 17:01