Таас Үрэх сэлиэнньэтигэр култуура киинин тутуута саҕаланна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр өссө биир култуура киинин тутуутугар старт биллэрдилэр. Саҥа эбийиэк Таас Үрэх сэлиэнньэтигэр Мииринэй оройуонугар дьэндэйиэҕэ. Бастакы сыбаайа ууруутугар Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. Ол туһунан регион салататын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Элбэх хайысхалаах киин иэнэ 1500 кв. м, манна култуура дьиэтэ, бибилэтиэкэ, почта, мунньахтыыр уонна спорт саалалара баар буолуохтара. Маны сэргэ киинэ-кэнсиэр саалата, быыстапка, сынньалаҥ миэстэлэрэ, айар түмсүүлэргэ кабинеттар. Бырайыагы оҥорууга араас саастаах дьон баҕа санаалара учуоттанна.

«Элбэх хайысхалаах киини тутуу — кэтэһиилээх событие, олохтоохтор өр күүттүлэр. Бу эбийиэк култуура, спорт, уопсастыба түмсэр сирэ буоларын таһынан, тыа сирин сайдыытын бэлиэтэ буолар. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ олус суолталаах. «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» уонна «Роснефть» хампаанньаларга өйөбүлгүт иһин махтанабын — Саха сирин кытта бииргэ үлэлээһин чопчу түмүктэри биэрэр», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА
Таас Үрэх сэлиэнньэ култуура үгэһинэн баай. «Кыым» холкуос киинигэр кулуубу 1953 сыллаахха туппуттара, 2023 сыллаахха тэрилтэ 70 сылын туолбута. Мииринэй оройуонугар биир былыргы култуура тэрилтэтинэн буолар. Эргэ дьиэ хаарбах туруктаахтарга киирсэр.

Саҥа эбийиэк «НК «Роснефть» уонна Саха сирэ социальнай хайысхаҕа бииргэ үлэлээһиннэрин барыгарааматын чэрчитинэн тутуллар. Сөбүлэҥ IX Илин экономическай пуорумҥа түһэрсиллибитэ.

This post was published on 21.04.2025 16:58 16:58