Үгүс киһи Таҥха кэмигэр бэйэни ыраастаныахха, арчыланыахха уонна дьиэни буруолатан ыраастыахха сөп дуо диэн ыйытар.
Бу ыйытыыга алгысчыт Петр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ маннык хоруйдуур:
— Таҥха кэмэ саха дьонугар-сэргэтигэр ураты кэм. Билгэлэнэр кэмҥэ дьиэни-уоту, киһини ыраастыахха сөп. Боҕуруоскай отунан дьиэни буруолатан бэйэни, дьиэ иһин ыраастыыр наада.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 16.01.2026 18:03 18:03