Тохсунньу 13 — 19 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы сэрэбиэйдээһин кэмэ, Таҥха дэнэр. Бу кэм дьиктилээх, мистикалаах, онон дьылҕаны этиттэриэххэ сөп. Сахалар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит үгэскэ кубулуйбут сэрэбиэйдээһин ньымаларын тутталлар.
Сэрэбиэйдээһин көрүҥнэрин манна аах.
Дьокуускайга сэрэбиэйдээһин ыытыллар сирдэрин бэлиэтээтилэр. Онно сурулларынан, тохсунньу 18 күнүгэр киэһэ 18 — 22 чааска «Россия – моя история» история пааркатыгар «Ночь историй» буолар. Аадырыһа: Ксенофонт Уткин аатынан уулусса, 5 дьиэтэ.
Таҥхалааһын Саха сирин норуоттарын музыка уонна фольклор киинигэр тохсунньу 13 — 19 күннэригэр күнүс 15 чаастан саҕаланаллар, түүн үөһүгэр бүтэллэр. Аадырыстара: «Хомус» киин, Киров аатынан уулусса, 31 дьиэтэ, 3 этээс.
This post was published on 14.01.2025 14:04 14:04