Таһаҕас тиэниилээх суудуналар Өлүөнэ эбэ мууһуттан ыраастанарын күүтэллэр

Өлүөнэ эбэ ортото мууһуттан ыраастанар, бу кэмҥэ үөһэ учаастагар навигация саҕаланар. Өрүс мууһуттан ыраастанна да, Осетровоҕа таһаҕас тиэнэ айанныахтара, СИА-ҕа ЛОРП пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, 29 суудуна 47 тыһыынча туонна норуот хаһаайыстыбатын таһаҕаһа тиэниилээх үлэлии сылдьар.

«Петр Бекетов» танкер  МН-2800 баржалаах 3,5 тыһ туонна ньиэп уматыктаах Ленскэйгэ кэллэ. Ыам ыйын 8 күнүттэн сүөкэниини кэтэһэн турар. Причал бэлэмэ суох буолан, «Саханефтегазсбыт» тэрилтэ дьаһалы ылына илик. Осетровоттан икки «Ленанефти» Дьокуускайга айаннаатылар.    

Мас тиэниилээх СОТ-1131 Өлүөхүмэҕэ кэтэһэн турар. Муус ааста да Дьокуускай хайысхатын тутуһуохтаах.

Бу сарсыарда Киренскайтан «Нюя» айаҥҥа турунна. 2,5 тыһ туонна мас тиэниилээх. Дьокуускайга айаннаата.

Сиһилии: https://ysia.ru/dnevnik-navigatsii-suda-s-gruzom-zhdut-zaversheniya-ledohoda-na-reke-lene/

This post was published on 12.05.2020 14:58 14:58