Үүтү соҕотуопкалыыр тэрилтэлэртэн түмүллүбүт тиһэх дааннайдарга (от ыйын 24 күнүнээҕи туругунан) сигэннэххэ, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 30 508,67 туонна үүт тутулунна. Бу кээмэй былааннаммыт 54 924,78 туонна үүт 55,5 бырыһыаныгар тэҥнэһэр, итиэннэ былырыыҥҥы туһааннаах кэм көрдөрүүтүттэн 2 бырыһыанынан ордук.
Ол туһунан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саайтыгар биллэрдилэр. Үгэспитинэн, үүт соҕотуопкатын тэрээһиннээхтик ыытан иһэр (өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүттэн үрдүк көрдөрүүлээх) улуустары уонна куораттардааҕы уокуруктары урутатан бэлиэтиибит. Дьокуускай куорат 2 626,70 туонна үүтү соҕотуопкалыыр былааннааҕыттан отчуоттанар кэмҥэ 1 941,80 туоннатын тутан, 73,93 бырыһыанын толордо.
Сунтаар улууһа (былаана 5 740,50 т – туолуута 3 934,74 т) 68,54%, Ленскэй улууһа (1 131,11 т – 667 т) 66,98%, Мииринэй (957,24 т – 613,87 т) 64,13%, Нам (2 190,13 т – 1 392,14 т) 63,56%, Мэҥэ Хаҥалас (4 541,59 т – 2 833,77 т) 62,40%, Хаҥалас (4 371,84 т – 2 696,07 т) 61,67%, Бүлүү (3 624,20 т – 2 184,40 т) 60,27%, Өлүөхүмэ (2 489,64 т – 1 485,41 т) 59,66%.
Ити иһигэр биирдиилээн соҕотуопсуктар ортолоругар уһулуччу көрдөрүүлээхтэр бааллар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһа үс соҕотуопкалыыр тэрилтэлээҕиттэн “Якутские национальные продукты” ТХПК 1 151,86 туонна үүтү тутан, тус былаанын 96,26% толордо. Хаҥалас улууһугар түөрт соҕотуопсук үлэлиириттэн “Хаҥалас-Ас” ТХПК 792 туонна үүтү тутта уонна бу күҥҥэ былаанын 94,75 бырыһыаҥҥа тириэртэ. Биэс соҕотуопсуктаах Сунтаарга “АЛ-СУ” ТХПК 385,33 туонна үүтү соҕотуопкалаан, былаанын 88,91% ситистэ.
Хаһан даҕаны буоларыныы, кыраапыктарыттан лаппа хаалан иһээччилэр эмиэ бааллар. Онуоха төрүөт элбэх буолуон сөп. Үлэ тэрээһиниттэн саҕалаан мэччирэҥ халтаҥар тиийэ. Ким ситиспэтэх – бэйэтин ночоото. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин астыыр-үөллүүр салаатын салайааччыта Егор Чичигинаров этэринэн, былааннаммыт кээмэйтэн таһынан тутааччыларга эбии үп көрдөрөргө торумнууллар.
Быйыл 54 924,78 туонна үүт соҕотуопкаланарыгар 3 570,110 мөл. солкуобай суумалаах субвенция үбэ көрүллүбүтүттэн отчуоттанар кэмҥэ 19 улууска уонна Дьокуускай куоракка 2 430,217 мөл. солкуобайа, 68 бырыһыана, тиксэрилиннэ. Ити иһигэр быйыл сааскы халааҥҥа улаханнык эмсэҕэлээбит Нам уонна Өлүөхүмэ улуустара 80-нуу бырыһыанын туттулар. Муниципальнай тэриллиилэр бэйэлэрин өттүлэриттэн үүт туттарааччыларга субсидия харчыта толору бэриллэн иһэрин мэктиэлииллэр, суруйда Василий Никифоров.
Источник: Саха парламент саайт.
This post was published on 30.07.2024 16:36 16:36