Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 54,9 тыһыынча үүт тутуллан астаныахтаах. Бу сыалга анаан бүддьүөттэн 3,5 млрд. солк харчы көрүллүбүтүттэн, 44,7 %-а улуустарга тиэрдилиннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ыйдааҕы былааннарын соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэр бары кэриэтэ куоһарбыттар. Ол курдук, ыйдааҕы сорудахтарын Сунтаартан «Ал-Су» кэпэрэтиип 242 %, «Үрдэл» кэпэрэтиип 132 %, «Элгээйитээҕи үүт собуота» ХЭТ 105%, Мэҥэ Хаҥаластан «Хоту» кэпэрэтиип 128 %, «ЯНП» кэпэрэтиип 121 %, Амма улууһуттан «Амма» кэпэрэтиип 117 %, Горнайтан «Горный-Ас» кэпэрэтиип 155 % толорбуттар.
Билигин хаһаайыстыбалар бары сайылыкка таҕыстылар, үүтү үрүлэччи ыыллар. Сыл ахсын сайылыктарга 40-50 тыһ. туонна үрдүк хаачыстыбалаах үүт ыанан, соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэргэ туттарыллар. Быйыл да бу кирбии чиҥэтиллиэ, былаан толоруллуо диэн министиэристибэ эрэнэр. «Улахан үүт» кэмэ саҕаланна!
This post was published on 04.06.2024 12:02 12:02