Үүтү туттарыыга анаммыт үп аҥарын кэриэтэ үрүҥ илгэни соҕотуопкалааччыларга тиэрдилиннэ

Хаһаайыстыбалар сайылыкка тахсаннар, мэччирэҥ ситэн-хотон, Саха сиригэр “улахан үүт” кэмэ саҕаланна.


Көрдөрүү былырыыҥҥытааҕар ордук

Бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 76 тыһ. 919 т үүт соҕотуопкаланыахтаах. Онуоха барыта 2 млрд 450 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Ордук элбэх (75 тыһ. 654 т.) үүтү киин, илин эҥээр уонна Бүлүү эргин улуустар соҕотуопкалыыллар. Бу улуустарга 1 млрд 73 мөл. 585 тыһ. солк. субвенция харчыта, ол эбэтэр көрүллүбүт үп 43,7 %-а тиэрдилиннэ.

Күн бүгүҥҥү туругунан, 23 тыһ. 256 т үүт туттарылынна. Былырыын баччаларга 16 тыһ. 840 т үүт туттарыллыбытын кытары тэҥнээтэххэ, быйыл көрдөрүү куһаҕана суох. Сыл саҕаланыаҕыттан Мэҥэ Хаҥалас улууһа 2 тыһ. 219, Чурапчы 2 тыһ. 161, Сунтаар 2 тыһ. 280, Таатта 1 тыһ. 964, Амма 1 тыһ. 557, Бүлүү 1 тыһ. 634, Ньурба 1 тыһ. 470, Хаҥалас 1 тыһ. 712 туонна үүтү туттардылар. Атын да улуустар тэрээһиннээхтик үлэлииллэр.

Ыанньыксыттар күрэхтэһиэхтэрэ

Сүөһү иитиитин аныгы технологияларын, үлэ саҥа ньымаларын тарҕатар, ыанньыксыттар билиилэрин-сатабылларын хаҥатар, бастыҥнар үлэҕэ үөрүйэхтэрин сырдатар сыаллаах массыынанан ыаһын оператордарын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ сыллата ыытыллар. Быйылгы күрэхтэһии Амма улууһун “Абаҕа” кэпэрэтиибэ Дьаамҥа туттубут саҥа сайылыгар от ыйын 5-6 күннэригэр буолуоҕа. Күрэхтэһии быыһыгар семинар тэриллиэ, онно селекциялыыр-племенной үлэ учуонайдара, сүөһү иитиитин исписэлиистэрэ бэсиэдэ оҥоруохтара.

This post was published on 26.06.2017 15:52 15:52