Үүт соҕотуопкатын бэрээдэгэ уларыйда

Быйыл 70 тыһ туоннаттан тахса үүт бэлэмнэнэрэ былааннанар. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьев социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.


«Үүт соҕотуопкатын бэрээдэгэ быйыл лаппа уларыйда. Манна боломуочуйаны толору улуустарга биэрдибит. Билиҥҥитэ нэһилиэнньэҕэ харчыны тиэрдии икки мэхэниисимэ баар: уруккутун курдук соҕотуопкалыыр тэрилтэ нөҥүө итиэннэ улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын нөҥүө. Хас биирдии улуус бэйэтигэр табыгастаах мэхэниисими бэйэтэ быһаарар», — диэтэ Василий Афанасьев.

Миниистири солбуйааччы кэтэх дьон эмиэ үүт туттарыахтарын сөбүн эттэ.

«Үүтү сүөһүнү көрөр потребительскай кооперативы кытары дуогабар быһыытынан туттарыахха сөп. Маныаха үүт биир киилэтин 60 солк, өскөтүн төбө ахсааныгар субсидия ылбатах буоллаххына, туттарыахха сөп», — диэтэ кини.

Быйыл 70 тыһ туоннаттан тахса үүт бэлэмнэнэрэ былааннанар. Билиҥҥитэ улуустарга уонна соҕотуопкалааччыларга үбүлээһин сыллааҕы былааныттан 50%-на, о.э. 1 миллиард 286 мөл солкуобай тиэрдиллэн турар.

This post was published on 29.04.2021 15:05 15:05