22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Түөрт уолу иитэр дьиэ кэргэн

18:16, 15 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Акана орто оскуолатыгар оҕо саадын кытта холбоон 90 оҕо үөрэнэр. Ол оҕолортон биирдэстэрэ, тас көрүҥүнэн тоҥ нуучча эрээри, уу сахалыы саҥарар 15 саастаах Вова Дергач улууска ыытыллыбыт куонкуруска «Мин сахабын» диэн хоһоон ааҕан 1 миэстэни ылбыта. Жатайтан төрүттээх уолу алта саастааҕар оҕо дьиэтиттэн ииттэ ылбыттар.

edersaas.ru


Дьон кинини кытта кэпсэтэллэригэр бастаан нууччалыы саҥара сатыыллар, онтон уол сахалыы саҥардаҕына соһуйан «тиэрэ баран түһэ сыһаллар». Уол, хата, нууччалыы үчүгэйдик билбэт, саха оҕото саҥара сатыырын курдук олуттаҕастык кэпсэтэр.

Бу нэһилиэккэ хас даҕаны оҕону ииттэ ылбыт сис ыаллар бааллар. Анна Прокопьевна уонна Алексей Иванович Филипповтар 4 уолу ииттэллэр. Улаханнара ХИФУ-га саха тылын салаатыгар үөрэнэр. Иккис куурус устудьуона. Ийэтин туһунан олус истиҥ, киһи дууһатын кылын таарыйар, сүрэҕин долгутар хоһооннору суруйар, махтал, таптал тылларын аныыра, иитиэх дьиэ кэргэнигэр табыллан олорбутун кэрэһилиир.

Сахалыы саҥарар нуучча оҕото

Быйыл иккис уол оскуоланы бүтэрэр уонна ресторатор буолар баҕалаах. Дьиэтигэр ас арааһын астыыр, дьонун сэдэх, сонун бүлүүдэнэн күндүлүүр, суши, пицца оҥорор. Уолаттарын өйдөрүн туппуттарын, обургу буолбуттарын кэннэ ииттибиттэр эрээри, оҕолор дьоннорун истиҥник ийээ, аҕаа дииллэр. Филипповтар бэйэлэрэ уоллаах кыыс оҕолоохтор, сиэннээхтэр. Аканаҕа икки мэндиэмэннээх дьиэ туттан улахан дьиэ кэргэнинэн олороллор.

Нэһилиэк оскуолата төһө даҕаны аҕыйах ахсааннаах оҕолоох буоллар, манна хас биирдии муннукка дойдутун, үлэтин, дьонун таптыыр, ытыктыыр, өрө тутар дьиҥнээх хаһаайын баара тута биллэр. Оскуола хас биирдии хоһун, көрүдүөрүн иэйэн-куойан туран сахалыы тыыннаах гына оҥорбуттар, үп-үрүҥ түннүк сабыытын илиинэн оҥоһуллубут ойуу-бичик, оһуор-мандар киэргэтэр. Балаҕаҥҥа көмүлүөк оһох тула мустан оҕолор хабылык, хаамыска оонньууллар. Сибэкки быыһыгар турар скульптуралаах фонтан кыһа киэн туттар оҕолоро хаартыскалаах истиэндэни киэргэтэр. Дириэктэр Николай Николаевич Федороваҕыйах оҕолоох кылаастардаах эрээри, үлэтин таптыыра, үөрэнэргэ, үлэлииргэ бары өртүнэн табыгастаах усулуобуйаны тэрийэрэ итинтэн көстөр.

Ийэ-аҕа таптала, дьиэ сылаас эйгэтэ

Анна Прокопьевна оҕо саадыгар уйулҕа үлэһитэ, оскуолаҕа оҕону гигиеническэй иитиигэ инструктор, кэргэнэ манна суоппардыыр. Аан бастаан 2008 с. иккис уонна төрдүс кылааска үөрэнэр оҕолору Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтиттэн ылбыттар. 2014 с. нуучча уолун, бу саас көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону ылан, кинилэргэ ийэ-аҕа тапталын иҥэрэн, дьиэ сылаас эйгэтин тэрийэн олороллор.

«Оҕолорум детдомтан тахсан иһэн ийээ диэбиттэрэ. Биһиги приемнай дьиэ кэргэн буоларбыт быһыытынан, оҕолор бэйэлэрин ааттарын, араспаанньаларын илдьэ хаалаллар, судаарыстыбаттан көмө ылаллар. Педагогическай наука хандьыдаата Надежда Корякина салайааччылаах куоракка приемнай дьиэ кэргэн түмсүүтүгэр араас семинарга сылдьан элбэххэ үөрэнэбин, туох бырааптаахпытын билэбит, маннык түмсүү өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох.

Оҕо ииттэ ыллаххына судаарыстыба биир кэмнээх көмө харчы биэрэр уонна оҕолор астарыгар-таҥастарыгар ый ахсын босуобуйа көрөр. Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр Сочига, Санкт-Петербурга сынньана барарбытыгар айаммыт ороскуотун эппиэкэ уоргана төлүүр. Мин арыалдьыт быһыытынан сылдьабын», — диэн улахан дьиэ кэргэн ийэтэ кэпсиир.

Оҕолор олохпутун киэргэтэллэр

—Итиччэ элбэх оҕону улахан эппиэтинэскэ ылан баран кэмсинэр түгэннэргит бааллар дуо? – диэн ыйыппыппын Анна Прокопьевна: «Оҕо ииттэ ылбатаҕым буоллар, иккиэйэҕин эрэ толугураһа сылдьыа этибит. Билигин дьиэбит иһэ толору оҕо, иккис этээс барыта кинилэр киэннэрэ. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр. Ону-маны буолары-буолбаты саныы олорор бириэмэ суох, общественнай үлэм элбэх. Хара маҥнайгыттан оҕолору харчы киһи үлэлээтэҕинэ, сыраластаҕына эрэ кэлэрин өйдүүргэ, сыаналыырга,  харыстыырга үөрэппитим. Аҕабыт суоппар буолан, дьон үлэһэрэ үгүс. Серваҥҥа куруук харчы сытар, ону ким да тыыппат. Кыра нэһилиэккэ олорор буоламмыт, икки эрэ маҕаһыыннаахпыт, атыыһыппыт хас биирдии киһини билэр. Күннээҕини атыылаһалларыгар уолаттарбар харчы туттаран ыытабын, сок, килиэп ылаллар, ордугун аҕалаллар. Ынахпыт суох эрээри, оҕолору үлэнэн иитэбин, дьиэ иһинээҕи үлэни бары тэҥҥэ оҥоробут, өссө биир оҕону ииттэ ылар санаалаахпыт», — диэн этэр.

Төрүөхтэриттэн төрөппүт тапталыттан маппыт оҕолорго ийэлэрин-аҕаларын солбуйар, минньигэс астаах дьиэ-уот сылаас эйгэтин тэрийэр ыал баар буоланнар, оҕолор барахсаттар дьиэ кэргэн эрэллээх эркинигэр улаатан эрдэхтэрэ.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА