2022 сылга «Комплексное развитие сельских территорий» бырагырааманан Саха сиригэр 13 саҥа социальнай эбийиэк 8 оройуоҥҥа тутуллуохтаах. Ити эрээри тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, түөрт улууска кыраапыктан хаалыы баар, суруйар СИА.
Болдьоҕун кэмигэр үлэҕэ киириэ суохтарын сөптөөх эбийиэктэр:
Сунтаар бөһүөлэгэр бассейннаах спортивнай комплек, үлэҕэ киллэрии болдьоҕо — ахсынньы 31 күнэ;
Уус Алдан улууһун Сыырдааҕар 120 миэстэлээх оскуола — ахсынньы 31 күнэ;
Чурапчы Үрүҥ Күөлүгэр сайдыы киинэ — алтынньы 30 күнэ;
Хаҥалас Үөдэйигэр 60 миэстэлээх оскуола — ахсынньы 31 күнэ.
Кыраапыктан хаалыы биир биричиинэтинэн үлэһит илии тиийбэтэ буолар, былырыын эмиэ балаһыанньа маннык этэ. Онон эбии үлэһит ылан, икки сменанан үлэ саҕаланна. Ити эрээри Сунтаар комплекса быйыл хайдах да киирэр кыаҕа суох, онон министиэристибэ быһаарыытынан тутуу 2023 сылга көһөрүллүөн сөп. Туһааннаах эбийиэккэ бэдэрээччик «Приоритет» хампаанньа тэрээһинэ суоҕуттан кэһии таҕыста.
This post was published on 21.10.2022 12:33 12:33