Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Өлүөхүмэ уонна Сунтаар муниципальнай кыһыҥҥы суоллара өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бэриллэллэр.
Билигин суоллары нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэриигэ үлэ барар. Ол туһунан суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев эттэ, суруйар СИА.
«Өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр Орто Халыма суолун хас да учаастага бэриллэр, холобур, Березовкаҕа диэри уонна хас да учаастак Үөһээ Халымаҕа. Өссө биир суолталаах учаастагынан — муниципальнай кыһыҥҥы суол Өлүөхүмэ уонна Сунтаар Кэмпэндээйитин ардыгар. Билигин суоллары нормативка киллэриэхпит, сылы эргиччи туттуллар суол буолуон сөп», — диэтэ Владимир Сивцев.
Миниистир эппитинэн, «Арктика суоллара» тэрилтэ материальнай-техническай баазата тупсуохтаах. Тэрилтэ 10 Арктика улууһун суолларын хааччыйар.
This post was published on 19.01.2023 14:32 14:32