Түөрт күннээх үлэ нэдиэлэтэ: дьол дуу, сор дуу?

Арассыыйаҕа саамай элбэх өрөбүл уонна бырааһынньык күннэрэ бааллар. Холобур, 2019 сылга 365 күн баарыттан, 247 – үлэ күнэ, 118 – өрөбүл уонна бырааһынньык күннэрэ. Манна 54-60 уоппуска күннэрин эптэххэ, сылга 172-180 күн (сыл аҥаарын кэриҥэ!) сынньанар буолан тахсабыт.


Россияҕа 4 үлэ күннээх нэдиэлэни киллэриэхтэрин баҕараллар. Ол хайдах буолуой, дойду экэниэмикэтигэр уонна үлэһиттэргэ хайдах дьайыай?

Кистэл буолбатах, аныгы киһи икки күннээх өрөбүлүн мыынар. Баскыһыанньа киэһэ өйдөммүтүҥ, өрөбүлүҥ бэрт түргэнник элэс гыммыт буолар. “Өссө биир өрөбүл күнэ баара буоллаа-ар!” диэн хас киһи саныыра буолуой? Ол эрээри маннык уларыйыы тэрилтэ үлэтигэр-хамнаһыгар, бүтүн экэниэмикэҕэ даҕаны, хайдах дьайыай, туох көдьүүстээх буолуой? Тоҕо маннык уларытыыны киллэрэ сатыылларый?

Атын дойдуларга хайдаҕый?

Арассыыйаҕа нэдиэлэҕэ ортотунан 40 чаас үлэлиибит. Оттон Азия диэки биһиэхэ ымсыыраллар эрэ: Японияҕа нэдиэлэҕэ алта күн киэһэ 9 чааска диэри үлэлииллэр. Кытайга алта күн 10-нуу чаас, нэдиэлэҕэ 60 чаас үлэлииллэр. Эбиэттииллэригэр 20 мүнүүтэ, уоппуcкаҕа 10 күн бэриллэр. Индияҕа, Таилаҥҥа алта күн үлэлииллэр, нэдиэлэҕэ 48 чаас.

Европа диэки, олох таһыма тупсан эбитэ дуу, 30-40 чаас үлэлииллэр: Голландияҕа – 30, Данияҕа – 33, Германияҕа – 35, Испанияҕа, Францияҕа – 37, Польшаҕа, Грецияҕа, Чехияҕа – 40 чаас. Ол үрдүнэн, хамнастара үрдүк.

1897 сыллаахха Арассыыйаҕа 6 күннээх үлэ нэдиэлэтин киллэрэр, үлэ күнүн 11,5 чааска диэри кыччатар туһунан бастакы сокуон ылыллыбыта. Бу кэмтэн көрдөрүүлэр кыччатыллан испиттэрэ.

Медведев идиэйэтэ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев бу сайын от ыйыгар Женеваҕа Үлэ аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэтигэр тиийэн, технологическай сайдыы үлэ миэстэтин тэҥэ, үлэ бириэмэтин эмиэ аҕыйатарын туһунан эппитэ. Манна Арассыыйа 4 үлэ күннээх нэдиэлэҕэ көһөрө ордугун туһунан аан бастаан этиллибитэ.

Женеваттан кэлэн баран, Медведев Үлэ министиэристибэтигэр балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри бу боппуруоһу сиһилии үөрэтэргэ, этиилэри киллэрэргэ сорудах биэрбитэ.

Дмитрий Медведев Генри Форд холобурун аҕалар. Хаһан эрэ кини нэдиэлэтээҕи үлэ чааһын 48-тан 40-ҥа диэри аҕыйаппытыгар, собуоттарыгар үлэни оҥорон таһаарыы быдан үрдээбит үһү. Кини этэринэн, 4 күн үлэлээтэхпитинэ даҕаны, хамнас кыччыа суохтаах.

2014 сыллаахха, Медведев көҕүлээһининэн, дойду бастайааннай кыһыҥҥы бириэмэҕэ көспүтэ. Онон билигин, ордук сайыҥҥы өттүгэр, күммүт түүн 3 чааска тахсар, киэһэ 9-тан хараҥаран барар. Сааскы, күһүҥҥү өттүгэр эмиэ сүүйтэрэбит. Күн тахсар, сырдык кэмигэр утуйа сытабыт, киэһэ ону-маны гынарга хараҥаран, лаампа холбонобут. Онон дойду үрдүнэн энэргиэтикэ өттүгэр төһөлөөх үп ороскуоттанара буолла?  .

Бу уларытыы эмиэ оннук курдук буолуо суоҕа дуо?

Ырытыһыы

Онон саҥаны киллэрии ымпыгын-чымпыгын ырытыстахха сатанар. Бастатан туран, Арассыыйа көҥүл идэлээх сойуустарын федерацията (ФНПР), Үлэ министиэристибэтэ утарбатылар, ырытыһыах буоллулар.

ФНПР бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Исаев этэринэн, инникитин үлэни тиэхиньикэ уонна роботтар оҥоруулара элбээн иһиэхтээх, ол үлэ күнэ кыччыырыгар эбэтэр үлэһиттэри сарбыйыыга тиэрдэр. Онон 4 күннээх үлэ нэдиэлэтэ эрдэ эбэтэр хойут син биир киириэхтээх. Онон федерация хамнас кыччаабат буоллаҕына, бу идиэйэ олоххо киирэрэ сөп диир.

Оттон Госдуума экэниэмикэҕэ, бырамыысыланнаска, инновационнай сайдыыга, урбааҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владимир Гутенев: “Үлэ нэдиэлэтин кыччаппакка, хамнаһы үрдэтиэххэ наада”, — диэн этэр. “Үлэ оҥорон таһаарыыта төһөнөн үрдүк да, соччонон хамнас үрдүөхтээх”, — диир.

РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Үлэ кодексыгар үлэ нэдиэлэтин чааһыгар үрдүкү кэрдииһэ 40 чаас ыйыллар. Алларааҥҥы кэрдиис диэн суох, үлэни биэрээччилэр төһө табыгастааҕынан, кэлэктиип дуогабарын ылынан, аҕыйатан, хас баҕарар чааһы олохтуохтарын сөп.

Үлэ биэрээччилэр уруйдуу көрсүбэттэрэ өйдөнөр. Тэрилтэҕэ үлэ кэмэ кыччыыр, оттон оҥоһуллуохтаах үлэ кээмэйэ уонна хамнас оннунан хаалар. Бу үлэ кээмэйин үлэһиттэр хаһан ситэри оҥороллор? Кыра, орто урбаан тэрилтэлэрэ маны тутуһан, эстэн, сабыллан хаалыахтара суоҕа дуо? Оччоҕо дьон үлэтэ суох хаалыылара элбиир… 

30 эрэгийиэҥҥэ кэтээн көрүөхтэрэ

Балаҕан ыйын бүтүүтэ Үлэ министиэристибэтэ этиилэрин киллэриэ. Бу этиилэри идэлээх сойуустар федерацияларын уонна бырамыысыланньыктар, урбаанньыттар сойуустарын кытта тэҥҥэ илдьиритиһиэхтээхтэр. Ол түмүгэр икки барылы оҥорон киллэриэхтэрин сөп диэн сабаҕалыыллар.

1 барыл: 4 күҥҥэ 10-нуу чаас үлэлээһин. Билигин тэрилтэлэргэ хайдах табыгастааҕынан араас график баар. Сорохтор суукка үлэлээн баран, икки суукка сынньаналлар. Сорохтор нуормата суох үлэлииллэр, ол эбэтэр сарсыарда хойут кэлэн баран, киэһэ хойукка да диэри үлэлиэхтэрин сөп. Кинилэргэ бу 4 күннээх үлэ нэдиэлэтэ улаханнык дьайбат буолуохтаах. Оттон күүстэринэн киллэрдэхтэринэ, Үлэ Кодексыгар улахан уларыйыылары оҥоруохтарын наада.

2-с барыл: 32 чаастаах үлэ нэдиэлэтэ. Ол эбэтэр, чахчы, үлэ чааһын кыччатыы. Бу офис үлэһиттэрин, чунуобунньуктары таарыйыан сөп. Акылааттаах хамнастаах дьон сүтэрэллэрэ суох. Чааһынан эбэтэр үлэ түмүгүнэн хамнас аахсар дьон ночоотуруохтарын сөп. Ону тэҥэ, кыра тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга табыгаһа суох.

Ол эрээри Федерация Сэбиэтигэр бу тиэмэҕэ пресс-кэмпириэнсийэни ыыттылар, онно үһүс барыл баар буолуоҕун ыйдылар. Ол түмүгэр парламентарийдар 4 үлэ күнүн оннугар 5 күҥҥэ 6-лыы чаас үлэлиир ордук диэн этии киллэрбиттэр. Нэһилиэнньэ маны ордук ылынара саарбаҕа суох. Үлэһит дьиэтигэр эрдэ барыан баҕардаҕына, үлэтин үмүрүтэ охсорго интэриэстээх буолар.

Билиҥҥитэ, “Үлэ оҥорон таһаарыыта уонна дьарыктаах буолууну өйөөһүн” национальнай бырайыагы оҥордулар. Онно 30 эрэгийиэнтэн 266 тэрилтэ киирдэ. Сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатыгар, тутууга, оҥорон таһаарыыга, наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах тэрилтэлэр. Баларга 4 күннээх үлэ нэдиэлэтин киллэрэн, тургутан көрүөхтэрэ. Хамнастара кыччыа суохтаах.

Дьэ, бу эксперимент кэнниттэн көрүөхпүт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 01.10.2019 16:43 16:43