Түргэнник буһар балык миинэ — Уус Алдан үөрэнээччилэрин толкуйдара

Дьокуускайга, строительнай ырыынакка, муус устар 2-4 күннэригэр уус алданнар бэйэ оҥорон таһаарар табаарын («Товары местного производства Усть Алданского района») быыстапка-дьаарбаҥкалара буола турар. Манна Найахы орто оскуолатын бизнес-инкубаторыгар дьарыктанар оҕолор түргэнник буһар бакыаттаах собо миинин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрдилэр. 


Балык миинин буһара сатаабаккын, бириэмэни бараабаккын. Оргуйбутунан ууну кутан баран, кыратык күүтэ эрэ түһэҕин. Оҥорон таһаарааччылар манна фосфор, хром, кальций баалларын, миин дьиҥ балыктан оҥоһуллубутун, онон туһата элбэҕин бэлиэтииллэр. Илдьи ньыһыллыбыт балыкка туус эрэ эбиллибит, атын тума суох.

Санатан эттэххэ, Нам улууһун үөрэнээччилэрэ соторутааҕыта соботтон «Soboхруст» диэн чипсы оҥороннор, сөҕүмэр ситиһиилэммиттэрэ уонна федеральнай ТV-канал болҕомтотун тардыбыттара диэн СИА суруйаллар.

Найахы агрооскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччилэрэ «Балык миинэ» бырайыактарынан «Саҕалааччы фермер» улуустааҕы оонньуу күрэстэһиитигэр үһүс миэстэни ылбыттар. Салайааччылара Наталия Охлопкова кэпсээбитинэн, былырыын кинилэргэ Дьокуускайтан М.Г.Сафронов аатынан Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун сүөһү-сылгы этиттэн бородууксуйаны оҥорор лаборатория сэбиэдиссэйэ Николай Матвеев ыалдьыттаабыт, оҕолорго бэрт элбэҕи кэпсээбит, сүбэ-ама биэрбит. Оҕолор онтон саҕыллан турбуттар итиэннэ түргэнник буһар балык миинин оҥорорго ылсыбыттар. Ол түмүгэр, түргэнник буһарарга аналлаах бакыакка кутуллубут балык миинэ бэлэм буолбут. Эбиитин анал хаалаах. Билигин кинилэр былааннара элбэх. Өссө соботтон паштет оҥоруохтаахтар диэн суруллар.

This post was published on 03.04.2018 11:52 11:52