Төрүт култуура - өй-санаа биһигэ, киһитийии үөрэҕэ

Хайа төрөппүт баҕарбат буолуой оҕото барахсан ис кэрэтэ тыллан, айылҕатынан, айылгытынан бэриллибит ис күүһэ уһуктан олоҕун дьоһуннук оҥостон киһи киһитэ буола улаатыан. Олоҕу тыынныыр, олоҕу хамсатар күүс баар эбээт киһиэхэ бэйэтигэр — ийэ тылыгар, ийэ өйүгэр.

Төрүт өй-санаа, ис култуура эмчирээһинэ саха эрэ эйгэтигэр буолбакка, бүтүн Аан дойду норуоттарыгар бүрүүкээбитин туһунан академик Д.С. Лихачев өссө ХХ үйэ 70-80-ус сылларыгар суруйбута «Культура человечества движется вперед не путем перемещения в «пространстве времени», а путем накопления ценностей. Ценности не сменяют друг друга, новые не уничтожают старые (если «старые» действительно настоящие), а, присоединяясь к старым, увеличивают их значимость для сегодняшнего дня». Бу бэлиэтээһин көлдьүн эҥээрдээх култуура көстүүлэрэ үйэтийбэккэ ааһар аналлаахтарын, онтон култуура дьиҥ, төрүт көстүүлэрэ кэм-кэрдии эгэлгэ эргииригэр бэриммэккэ дьон-сэргэ өйүн-сүрэҕин үрдэтэр аналлаахтарын бигэргэтэр (1).

Оскуолаҕа иитим үлэҕэ ийэ тылы, төрүт өйү-санааны, өбүгэ үгэһин үөрэх, наука эгэлгэ көстүүтүн кытта дьүөрэ тутан  алтыһыннарыы үөрэҕэ – оҕону олоҕун оҥосторугар тускулуур  (2). Бу ыстатыйаҕа биһиги төрүт култуураҕа үөрэх көрүгүн ырытыахпыт.


Никитина Н.Г., педагогика билимин кандидата, «Айыы Кыһата» национальнай гимназиятын иитим үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

Бастатан туран, көрүк культурологическай тускуну тутуһар, ол эбэтэр култуура үөрэҕэ билиини-көрүүнү тиэрдэрин таһынан, оҕо кута-сүрэ, ис уйулҕата, айылгыта сайдарыгар туһуланар. Култуура үөрэҕин тускута саха оҕото сайдыы үрдүкү чыпчаалыгар — айар дьоҕурга тиийбит көҥүл айыы киһитэ буоларыгар туруулаһыы, оҕо сайдыытын, киһи буолуутун тускулуур ис хоһоонноох.

Иккиһинэн, аан дойдуга “илиҥҥи киһи”, “арҕааҥҥы киһи” диэн философскай көрүүлэр бааллар. Ол курдук саха өйө-санаата, быһыыта-майгыта  уларыйбыт кэмигэр култуураны үөрэтиигэ “Хотугу эргимтэ киһитэ” диэн саҥалыы философскай-культурологическай көрүү тутуһуллар. Хотугу дьон буоларбыт быһыытынан олорор эйгэбит, олохпут укулаата, үлэбит-хамнаспыт, айыыбыт-тутуубут, өйбүт-санаабыт, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ, олоххо-дьаһахха сыһыаммыт ураты.

Үсүһүнэн, көрүк ис хоһооно, тутула, үөрэтии-иитии суола – барыта саха омук толкуйдуур, анаарар, ырытар, сыымайдыыр, тэҥнээн, ыатаран, ырытан көрөр, чинчийэр, айар ньымаларыгар тирэҕирэр. Биллэн турар, хайа баҕарар омук өйүн күүһүн, толкуйдуур, билиини-көрүүнү ылынар ньымалара ити кэриҥнэринэн ситиһиллэр.

Көрүк сыалынан оҕо олох сыаннастарын иҥэринэн, айар-тутар сатабыллаах, тус олоҕун оҥостор дириҥ көрүүлээх көҥүл  айыы киһитэ буолуутун тускулуур айымньылаах үлэ суолларын, ньымаларын тобулуу буолар.

Бэдэгиэгикэ, уйулҕа үөрэҕин кылаассыктара иитэр-үөрэтэр үлэҕэ оҕоҕо аҥардас түөрүйэни эрэ иҥэрии ньымалара көдьүүһэ суохтарын, айымньылаах сыһыан, айар үлэ көрүҥнэрэ оҕо ис дьиҥин,  ис кыаҕын, ийэ өйүн-санаатын уһугуннаралларын  туһунан бигэргэтэллэр.

Үөрэх кинигэлэрэ “Төрүт үгэс. Сиэр-туом”, “Олох-дьаһах. Сиэрдээх билии”, “Саха саарына. Киһи кэрэмэһэ”, “Ускуустуба кэрэ эйгэтэ”, “Айар, чинчийэр, сайдыыны тускулуур айылгы”,  “Бэйэни салайар туску”  диэн олуктардаах.

“Айар, чинчийэр, сайдыыны тускулуур айылгы” олуга “Саҥарар саҥаны байытыы”, “Болҕой, толкуйгун тобулун, санааҕын сааһылан”, “Айар үлэ”, “Бэйэни салайар туску”, “Оонньуунан сайдыы” диэн дидактическай тускунан оҥоһуллуннулар. Маннык тускуну тутустахха үөрэнээччи өй-сүрэх үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыырга, араас дьайыылары кэбэҕэстик толорорго дьулуһар. Айымньылаах ааҕыы, ырытыы, сэһэргэһии, кэпсээһин, быһаарсыы, толкуйу тобулуу, санааны сааһылааһын, тэҥнээһин, кэтээн көрүү, билгэлээһин, дакаастааһын, тойоннооһун ньымаларын, үөрэйэхтэрин баһылаан олоххо ситиһиилээх киһи буола сайдар.

Ааҕыы. Норуот историятын, олоҕун-дьаһаҕын,  этнографиятын, сиэрин-майгытын, олох ытык өйдөбүллэрин систиир тиэкистэри  (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай, ыстатыйа о д.а) ааҕыы, ырытыы сүрүннүүр үлэ көрүҥүнэн буолар. Үөрэнээччи тиэкис нөҥүө омук уйулҕатын билгэлиир, быһаарар, ырытар, тус суолталаахтык ылыныыта, аахпыты ырытыыттан култуура уустук көстүүлэрин быһаара үөрэнэр дьоҕура сайдар. Тиэкиһи ааҕыы ньымаларын ырытыы араас көрүҥнэринэн дьүөрэлээн туттар кыахтанар. Тиэкиһи культурологическай ырытыыга оҕо ааҕааччы быһыытынан сайдыытыгар тирэҕирэн кэм кэрдии, устуоруйа, олох-дьаһах, сиэр-майгы күөнүгэр тыктарыллар “Киһи-айылҕа-уопсастыба” уустук көстүүлэрин бэйэтин көрүүтүгэр сыһыаран олохтоохтук быһаарар, түмүктээх толкуйга тиийэр суолга үктэнэр.

Саҥарар саҥаны байытыы. Саха тылыгар эргэрэн, туттуллубат буолбут, буолан эрэр омук төрүт култууратыгар быһаччы сыһыаннаах тылларга быһаарылар бэрилиннилэр. Култуура уруогар оҕо тус көрүүтүн быһаарсара, кэпсээһин ньымаларын табан туһанара, сэһэргэһиигэ бэйэтин санаатын итэҕэтиилээхтик этэрэ кини ситимнээх саҥатын сайыннарар.

Үөрэнээччи култуура эгэлгэ көстүүлэрин норуот уонна тус бэйэтин көрүүтүгэр сигэнэн, “Олохтоох омуктар (эбээн, эбэҥки, долган, дьүкээгир, чукча) ахсааннара”, “Дьиэ иһинээҕи  сыһыан”, “Уопсастыбаҕа, дьоммор көмөм, эбээһинэһим” “Киһи киһиттэн үөрэнэрэ»,  «Мин сүрүн үлэм – үөрэҕим», “Хайдах гынан ситиһиилээх үөрэнээччи буолуохха сөбүн”, “Кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыы”,  “Төрөөбүт сир уонна төрүт буор киһиэхэ суолтатын”, “Сырдык, үрдүк, кэрэ, үтүө”, “Чиэстээх сыһыан, киһи чиэһин харыстыыра” уонна о д.а. бүгүҥҥү киһини долгутар тиэмэлэргэ сэһэргэһиигэ, диалогка, дискуссияҕа, диспукка олохтоохтук кэпсэтии сиэрин тутуһан кыттар кыахтанар.

Тобулук өйү сайыннарыы. “Болҕой, толкуйгун тобулун, санааҕын сааһылан”уруубурука иһинэн үөрэннээччилэр ылбыт билиилэригэр, сатабылларыгар олоҕуран, санааны сааһыланан, толкуйу түмэн, ырытар, сыаналыыр, чинчийэр, бырайыактыыр дьоҕурдарын сайыннарар аналлаах, оҕо тус бэйэтэ сыралаһан, тутан-хабан  толороругар ыйытыылар, сорудахтар бэриллэллэр. “СИЛИС”оонньуу уо д.а.

Бэйэни салайар туску. “Сатаабатахпын сатыым, кыайбатахпын кыайыым”, “Бэйэни салайар тускуга”үөрэнээччилэр тиэмэ иһинэн билбиттэригэр-көрбүттэригэр олоҕуран, сүрэхтэригэр-уйулҕаларыгар киллэрбитэрин туһанан, тус бэйэлэригэр сыһыаран көрөллөрүгэр, быһаарыылары, дьайыылары оҥороллоругар кыах бэриллэр: “Эн хайыаҥ этэй, тугунан көмөлөһүөххүн сөбүй, бэйэҥ бэйэҕин хайдах салайыныаххын сөбүй?” диэн ыйытыылар, сорудахтар оҕо бэйэтин ис киэлитин иһиллэнэр, үтүөҕэ, кэрэхсэбиллээххэ, киһилиигэ тардыстар санаата олоҕурарыгар аналлаахтар.  Олох сыаннаһын өйдүүргэ таҥыллан киирбит өс хоһоонноро, улуу дьон бэргэн этиилэрэ оҕоҕо дэгиттэр өй кистэлэҥнэрин арыйаллар.

Бэйэ ис кыаҕын, быһыытын-майгытын тургутуугаоҕо бэйэтин иһиллэнэр, ис туругун сыаналанар, тургутунар түгэнин үөскэтиигэ тускулаах. Киһи бэйэтэ бэйэтин кытта буолуута, бэйэтин суолталаныыта, олох эгэлгэ уустук көстүүлэрин ырыта сатааһына, туох эмит түмүктэри оҥостуута – кини киһилии ис туруга уйулҕатын оонньооһуна – тугунан да солбуллубат бэйэни ииттинии, салайыныы суолугар киллэрэр. Бэйэҕэ тус туһаайыылаах, киһи ис кичим санааларын тургутуулар – уопсай ырытыыга, сыаналааһыҥҥа киирбэттэр.

Айар-тутар дьоҕуру сайыннарыы.Айар үлэ” олукка оҕолор айымньылаах толкуйдара, иэйиилэрэ аһыллыытын таба тутан сайыннарар соруктаах сорудахтар бэрилиннилэр.

Суругунан айар үлэҕэ культурологическай, историческай көрүү иһинэн, историктар, этнографтар, искусствоведтар үлэлэригэр олоҕуран бэйэтин толкуйун олохтоохтук тиэрдэр таһымҥа тахсара ситиһиллэр. Оҕо сурук тылын араас көрүҥнэрин, уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары туһанан проблемнай уонна тойоннооһун кэриҥнээх өйтөн суруйуулары, култуура көстүүлэрин тэҥнии тутан ырытар суоллары баһылыыр. “Киһи куруук оҕо сылдьыбат”, “Мин быйылгы үөрэх дьылыгар быйаҥым”, “Аны уон биэс сылынан мин бэйэбин хайдах көрөбүнүй?”, “Уон, сүүрбэ, отут сылынан  биһиги дойдубут, Саха сирэ, улууспут, нэһилиэкпит хайдах буолуой?”,  „Олох уонна мөккүөр – быстыспат ситимнэр“ диэн тиэмэҕэ оҕо бэйэтин инникитин көрүүгэ тойоннооһун, толкуй суруктары суруйан толкуйун тобулар, санаатын сааһылыыр.

Урамньы эйгэтигэр кыттыһыы. Оҕо көҥүл айар киһи буола сайдыытыгар кэрэ эйгэтэ, урамньы дьайар күүһэ муҥура суох. Хас биирдии омук уйулҕата, олоҕу көрөр, истэр, ылынар иэйиитэ, ньымата ураты. Оҕо айар дьоҕура сайдар суола – оҕо омугун үйэлээх айыытыгар, урамньы көстүүтүгэр кыттара, уһуйуллара буолар. Оҕо омугун ырыатын, тойугун, оһуокайын, олоҥхотун истэрэ, толороро, үйэлээҕи кэрэһилиир ааҕыыга, тыйаатырдыы туруорууга кыттара, уус-уран тарбахтаахтар уһанар сатабылларыгар уһуйуллара көҥүл айыы киһитэ буола улаатарыгар сирдиир.  Мастан, тимиртэн уһаныы, тириини таҥастааһын, кылтан-сиэлтэн өрүү, кыбытан тигии, оҕуруону тиһии, астааһын, сиэри-туому, олоҥхону, норуот ырыатын толоруу ньымалара араастар, оҕоттон дэгиттэр сатабылы, үөрүйэҕи эрэйэллэр.

Чинчийэр, бырайыактыыр дьоҕуру сайыннарыы. Хас биирдии бырайыак  түмүгэ — айар үлэ. Үөрэнээччи хотугу сир усулуобуйатыгар олох-дьаһах, сиэр-майгы араас көстүүлэригэр сыһыаннаах, урукку, билиҥҥи, кэлэр кэмнэри ситимниир араас ис хабааннаах чинчийиилэргэ холонор. Холобур, “Килиимэт, айылҕа,  сир ньуура дьон олоҕор дьайыыта; “Олорор түөлбэни тупсарыыга тугу, хайдах оҥоруохха, олоххо хайдах киллэрэриэххэ“;  „Тыа сиригэр олорор ыал дохуота”, “Үрүҥ ас доруобуйаҕа туһата” о д.а.

Түмүктээн эттэххэ,бу көрүк аныгы үйэ ыччата өбүгэ үөрэҕин тутуһан олоххо айымньылаахтык туттан көҥүл айыы киһитэ буола улаатарыгар кыаҕы биэрэр. Аан дойду култууратын эргийэр иитигэр тус уратытын булунан араас омуктардыын тэҥҥэ алтыһан олоҕун оҥостор оҥкула охсуллар.

  1. Письма о добром и прекрасном : [Для детей] / Дмитрий Сергеевич Лихачев. — Симферополь: Таврия, 1990. – 172.
  2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата, 5-9: үлэлиир бырагыраама / Е.М. Поликарпова, А.Н. Павлов, Г.С. Попова, Н.Г. Никитина. – Якутск: ООО “Дани Алмас”, 2017. -32 с.
  3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата : 9 кылаас : үөрэх кинигэтэ / Н.Г. Никитина, А.Н. Павлов, Е.М. Поликарпова, Г.С. Попова. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2018. – 148 с.

This post was published on 04.09.2020 11:01 11:01