Төрөппүттэр, ордук куорат олохтоохторо, оҕолоро оскуолаҕа тугу аһыырын олус интэриэһиргииллэр. Аһылыктарыгар диэн анаан бэриллибит харчыны туһата суохха да туһаммыт, доруобуйаҕа буортулаах аһы даҕаны ылан сиэбит буолаллар. Ити аны тохтуур чинчилэннэ.
Дьокуускай куорат национальнай уонна классическай гимназияларын итиэннэ 21-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ оскуолаҕа аһыылларыгар анаан каарталары туттулулар. Билигин үгүстэр итинэн туһанан эрэллэр.
Бэҕэһээ каарта хайдах үлэлиирин көрдөрдүлэр. Уратыта диэн, ас төлөбүрэ каартаттан быһаччы барарын таһынан, төрөппүт анал саайтка киирэн оҕото тугу сиэбитин барытын хонтуруоллуур. Ону ааһан, оҕотун аһыахтаах аһын бэйэтэ талар кыахтаах. Кэнэҕэһин бу каартанан атын оскуолалар хабыллыахтара итиэннэ айан төлөбүрүн, араас куруһуоктары төлүүр кыахтаныахтара диэн тэрийээччилэр бэлиэтииллэр.
Тустаах бырайыагы “Алмаасэргиэнбаан” уонна “Статус” бырагырааманан хааччыйыы киинэ кыттыһан толкуйдаабыттар.
This post was published on 16.11.2017 16:41 16:41