Түүр Марафонун түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ биэс кыайыылааҕы талла. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр бастакы миэстэ буолла 118 ыстатыйаны суруйбут Tumarcha, оттон 103 ыстатыйалаах Kuchaai — иккис буолла. Кыайыылахтарга барыларыгар төлөннөөх эҕэрдэ ыыталлар тэрийээччилэр.
Түүр Марафона биир ый ыытылынна, бу күннэргэ түмүгэ таҕыста.
Бэһис миэстэҕэ уруккуттан Бикипиэдьийэҕэ суруйар учуутал идэлээх Арчы Уола диэн кыттааччы таҕыста. Төрдүс миэстэни саҥа суруйан эрэр Хабырыыл кыыһа диэн ааттаах киһи ылла. Ханна олороро, кимэ-туга чопчу биллибэт.
Үһүс эрэллээх миэстэни 73 ыстатыйаны суруйбут Луиза Петрова диэн кыттааччы ылла. Кини бэйэтин тус сирэйигэр Бүлүү Тыымпытыттан төрүттээхпин диэбит, идэтинэн провизор. Бу эмиэ саҥа суруйан эрэр кэскиллээх кыттааччыбыт уонна саамай дьиктитэ диэн — төлөпүөнтэн суруйар. «Ыал ийэтэ хайдах көмпүүтэри манаан баран олоруохпунуй, ас астыы сылдьан иҥин төлөпүөммүттэн суруйабын» — диэтэ бассаабынан.
«Бастакы уонна иккис миэстэни икки уопуттаах кытааччыларбыт Kuchaai уонна Tumarca былдьастылар. Тиһэх күҥҥэ диэри ким кыайара биллибэккэ сылдьыбыта. Иккиэн да наһаа таһаарыылаахтык үлэлээтилэр, сүүстэн тахсалыы ыстатыйаны суруйдулар. Киһи үөрэрэ диэн, ыстатыйалара наһаа үчүгэйдик суруллубуттар, силиктэрэ сиппит, киһи сэргээн ааҕар матырыйаала буоллуллар. Мантан биирдэстэрэ Чурапчыттан төрүттээх саха биллиилээх суруналыыһа, иккистэрэ — тас дойдуга устудьуоннуур Нүөрүҥгүрү куораттан төрүттээх эдэр киһи. Кыайыылахтарга барыларыгар төлөннөөх эҕэрдэ!«, — диэн кэпсээтэ тэрийэр хамыыһыйа аатыттан, Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла Ньукулай Халан.
Онон, тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр бастакы миэстэ 118 ыстатыйаны суруйбут Tumarcha, оттон 103 ыстатыйалаах Kuchaai — иккис буолла.
Тэрийээччилэр кэпсээбиттэринэн, күрэскэ өссө 6 киһи кытынна. Балар истэригэр Москубаҕа, Новосибирскайга үлэлиир сахалар, Дьокуускайга олорор Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх түмэл уонна информагенство үлэһиттэрэ, нефтегаз эйгэтигэр үлэлиир инженер уонна Уус-Алдаҥҥа олорор киинэ оператора бааллар. «Бу дьоҥҥо, үлэлэрин быыһыгар суолта биэрэн кыттыбыттарыгар, көх-нэм буолбуттарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!«, — диэтилэр Марафону ыытааччылар.
Санатар эбит буоллахха, Түүр тылларынан тахсар бикипиэдьийэлэр көҕүлээһиннэринэн Бикипиэдьийэ араас салааларын ыккардыларыгар ситими олохтуурга, омуктар ыккардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтөргө анаан бу күрэс 2020 сыл бэс ыйыгар ыытылынна.
Күрэс Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ бэс ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри марафон быһыытынан барда. Быһааран эттэххэ, Бикипиэдьийэҕэ марафон диэн болдьоммут кэм иһигэр элбэх ыстатыйаны суруйбут киһи кыайар күрэһин ааттыыллар.
This post was published on 07.07.2020 14:02 14:02