Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу кэрэ-бэлиэ түгэни үгэс быһыытынан сылын аайы бэлиэтиирбит быйыл үйэ чиэппэрэ буолла. Олунньу 13 күнүгэр биһиги уһулуччулаах сырдатааччы, тыл үөрэхтээҕэ-учуонай, сахалыы суругу-бичиги тарҕаппыт, бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут Семен Андреевич Новгородов үтүө аатыгар сүгүрүйэбит.
Ийэ тылбыт биһиэхэ төрүөхпүтүттэн бэриллибит туохха да тэҥнэммэт күндү баайбыт, сомоҕолуур сүдү күүспүт буолар. «Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар» диэн бэргэнник этиллэринии, тылбытыгар-өспүтүгэр биһиги норуоппут дириҥ силиһэ-мутуга, омукпут чөл кута-сүрэ, өбүгэбит өркөн өйө-санаата сөҥө сылдьар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн бэйэтин төрүт эйгэтигэр иитэн, ыраастык саҥара, сөпкө суруйа улаатыннардахха, бу киһи кэнэҕэс дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, дурда-хахха буолар кыахтааҕын мэлдьи өйдүөх тустаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата төрөөбүт тылларбыт харысхаллаах, көмүскэллээх кэскиллээх буолууларыгар, инники сайдалларыгар ураты болҕомтону уурар, ситимнээх үлэни ыытар. Олоҥхобут баай тылын сүмэтигэр, улуу классиктарбыт литературнай айымньыларыгар тирэҕирэн, биһиги саҥарар саҥабытын, суруйар таһыммытын үрдэтиэхтээхпит, бэйэбит тылбытынан ааҕарбытын элбэтиэхтээхпит, туттуллар эйгэтин кэҥэтиэхтээхпит.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күнү үтүө бэлэхтээх көрсөбүт. Биһиги учуонайдарбыт 46 сыл устата сыраласпыт сөҕүмэр үлэлэрэ – 15 томнаах, 80 тыһ. тылы түмэр сахалыы Улахан быһаарыылаах тылдьыт бэчээттэнэн таҕыста. Гуманитарнай чинчийии институтун уонна Национальнай библиотека холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр бу томнар бары компьютерга тиһиллэн, электроннай көрүҥҥэ киирдилэр.
Биир бэлиэ түгэн – бүгүҥҥүттэн Сахабыт сирин хотугу төрүт олохтоох омуктарын тылларын аан дойду таһымыгар таһаарар «Илкэн» мультимедийнай портал үлэтин саҕалыыр. Аныгы технологиялары хото туһанан, биһиги тылларбытын интернет киэҥ куйаарыгар тарҕатар кыахтанныбыт.
Күндү биир дойдулаахтарым! Ийэ тылбыт үүнэ-сайда турарын туһугар сайаҕас санаабытын эрэллээхтик этиниэҕиҥ, иһирэхтик иэйиэҕиҥ. Эһиэхэ барыгытыгар илгэлээх олоҕу, ситиһиилээх үлэни, үтүө туругу баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
This post was published on 13.02.2020 09:34 09:34