Төрөөбүт тыл амтанын, кэрэ өҥүн талатын төрөөбүт тыллаах барыта кэрэхсиир, биhириир, ол эрээри ол хайдах үөскүүрүн ама киhи билбэт, билэ, өйдүү да сатаабат. Маны тылга дьоҕурдаах, төрдүттэн айдарыылаах уонна үлэ оҥостон дьарыгырар дьон өйдүүллэр диэн быhаарыахха сөп. Былыр саха дьоно солуну, кэпсэли кэрэхсиир, ырыаны-тойугу баардылыыр кэмнэригэр тылга кэрэхсэбил улахан эбит. Оччолорго сэhэнньиттэр, олоҥхоhуттар, кэпсэллээх дьон элбэх уонна ону биhирээччи эмиэ үгүс буолара дииллэр. Оннук эйгэҕэ иитиллибит дьонтон кэлин суруйар идэлээх дьон тахсаллара. Ону улуу Буускун, Толустуой, Ойуунускай, Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап айааччы буолбут дьылҕалара туоhулуур.
Филиппов Гаврил Гаврильевич,
тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт, Дьокуускай к.
Тылы кэрэхсиир, онно таттарыылаах дьон айымньы ис хоhоонуттан итэҕэһэ суохтук кини тылын ордук баардылыыр буолаллар. Ол иһин П.А. Ойуунускай: «Олоҥхоҕо ордук суолталааҕа тылын кэрэтэ», – диэн этэрин ылынаҕын.
Оттон бүгүҥҥү күҥҥэ биhиги тыл кэрэтин туохха көрөбүтүй? Билигин тыл оонньуута, ыаhаҕа улам сүтэн иhэр. Ол төрүөтэ солун-нуомас суругунан, араадьыйанан, тэлэбиисэринэн тарҕыыр, сэhэн, кэпсэл кинигэҕэ уонна тыйаатырга олохсуйда. Онно сурук дьарыктаах дьон үлэлиир. Саҥарыы үөрүйэҕин сурук үөрүйэҕэ үтүрүйдэ. Ол аайы ийэ тылбыт төрүт кырааската, өҥө-дьүһүнэ улам суһуктуйар курдук…
Сурук дьыала-куолу кыhалҕатын толуйаары айыллар. Онон сүрүн анабыла ис хоhоону судургутук тиэрдии. Үөрэх кинигэтэ, номуука эмиэ сурук нөҥүө тарҕыыр. Хаhыат тыла эмиэ сурук тылыгар олоҕурар. Сурук истииллэрэ арҕааҥҥы тыллар үгэстэригэр олоҕуран сайдаллар. Ол түмүгэр саха тылын ис тыына, кута болҕомтоҕо ылыллыбат буолан барар. Сахалыы уус-уран айымньы тыла икки хайысханан сайдар: бастакыта, саха тылынан уус-уран айымньытын үгэhин тутуhан; иккиhэ, арҕааҥҥы, сурук тылын үгэhин үтүктэн. Онтон тыл кута уонна кырааската, кэрэтэ, сүнньүнэн, саҥа дорҕоонун кытта сылдьар.
Саха бастакы суруйааччылара айымньыларыгар ис хоhоон уонна дорҕоон сөп түбэhиитин муҥутуурдук таба туhаныы холобурун (хаалларбыттар) көрдөрбүттэрэ. Ол айымньылара саха киhитин өйүн-санаатын сайа этэллэрин таhынан, эттэрин сааhынан киирэн сүрэхтэрин (иэйиилэрин) кылын таарыйар.
А.Е. Кулаковскай хоһооно бүүс бүтүннүүтэ дорҕоон бу алыптаах алтыһыытыгар олоҕуран оҥоһуллубут: Хотон-хотон муҥунан
Хоноҕор муостааҕы
Хотуулаахтык холбооттообут,
Сыһыы-сыһыы муҥунан
Сыспай сиэллээҕи
Сатыылаахтык сырыырҕаппыт,
Үрэх-үрэх муҥунан
Үрүҥ-хара түүлээҕи
Үгүстүк үөрдээбит…
(«Кэччэгэй Баай»)
Анах ыыр амньырыппыт
Саах күрдьэр салытыннарбыт,
Уу баһар улугурпут
Бурдук тардар буораппыт,
Кыраабыл мас кыайбыт,
От мунньар олуйбут
(«Саха дьахталларын мэтириэттэрэ»)
П.А. Ойуунускай дорҕоон доҕуһуолун өссө күүскэ сайыннарбыта:
Харака муорака дьалкыыра,
Харалыы баргыйар балкыыра,
Ытыллар долгунум, бырастыы!
Ыһыллар чөмчүүгүм, бырастыы!
Мин өлүөм – дьүһүнүм сүтүөҕэ,
Мин буорум отунан үүнүөҕэ…
Кэриэһим – кэннибэр хааларым:
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…
Имэҥнээх сатанан дьиэһийэр,
Илбистээх тылынан ньиргийэр
Мин тохтор тойугум чугдаарыа,
Мин тылым, дьэ, ордук сатарыа.
(П.А. Ойуунускай «Бырастыы»)
Биhиги сахабыт тыла суксуруhар (агглютинативнай) тутуллаах тыл бөлөҕөр киирэр. Ол аата хас биирдии дорҕоон, марпыама, тыл утум-ситим холбоhон иhэр айылгылаахтар. Онно киирэр дорҕооннор, сыhыарыылар, тыллар, тыл ситимнэрэ этэргэ, истэргэ табыгастаахтык, судургутук, кэрэтик дьүөрэлэhиэх тустаахтар. Саха тыла түүр тылларыттан бу өрүтүнэн муҥутуур нарыланыыны барбыт: тылга илин-кэлин аhаҕас дорҕоон дьүөрэлэhиитин кытаанах утумун үөскэппит. Бүтэйдэр сэргэстэhиилэрин бигэ ирдэбилин олохтообут. Ол сокуон салгыы сайдан этиигэ киирэр тыллары иhиллиилэринэн наардаатахха, этиини ханыылаан таҥнахха санааны, иэйиини араас дэгэттээн, күүрээннээн этэр истиил кырааскатын ситиhиэххэ сөп эбит.
Былыргы былдьаһыктаах дьылым
Быралыйар быраман мындаатыгар…
Ааспыт алдьархайдаах дьылым
Аҥаарыйар анараа таһаатыгар…
Урукку охсуһуулаах сылым
Уларыйар улаҕа өттүгэр…
Саха төрдө буолбут
Сабыйа Баай хотун
Буос буолан
Мотоҥноото,
Хат буолан
Хатаҥнаата:
Биир хонон-
Биир ыйданна,
Икки хонон-
Икки ыйданна,
Түөрт хонон
Түөрт ыйданна,
Бэһис ыйыгар
Бэлиэтэнэн көрүннэ,
Алтыс ыйыгар
Ахталыйан хаамта,
Сэттис ыйыгар
Сэбэрэтэ кэҕиннэ,
Ахсыс ыйыгар
Аалларан барда,
Тохсус ыйыгар
Тоһоҕоттон тутуста,
Онус ыйыгар тиийэн
Олорор кэмэ кэлэн,
Эдэр дьахтар барахсан
Этэ ыалдьан эймэнийэн барда,
Самыытын уйбата,
Саҥата элбээтэ…
Кутаа талыыта
Кургумунан кутта,
Ийэ талыыта
Иһинэн киирдэ,
Хороҥ талыыта
Ходьоҥнотон барда…
Бу буолар биhиги тылбыт кутун илдьэ сылдьар төрүт айылгыта. Маны таба тутуhан айыллыбыт айымньы саха киhитин сүрэҕин кылын таарыйар эрэ буолбатах, үс кутун иитэр, сайыннарар, нарылыыр.
Ийэ тыл бу судургута суох үөрэҕин баhылаабыт улуу учууталларынан тыл маастардара буолаллар. Олоҥхоhут олоҥхоhуттан, ырыаhыт ырыаhыттан, сэhэнньит сэhэнньиттэн үтүктэн эрэ буолбакка, ийэ тыл үөрүйэҕин мындырыгар тус ис айылгытын, өйүн, билиитин кыаҕынан уhаарыллан чулуу маастар буолар эбит.
Ийэ тыл баай номоҕун, ис кэрэтин үөскэтэр иккис өрүтэ хомоҕой уус-уран, дириҥ ис хоһооно буолар. Уобарастаан этии киһи өйүн, иэйиитин кыаҕыгар олоҕурар буолан, киһи, омук аайы ураты тыыннаах, бараммат баһаам, эриэккэс эгэлгэ көрүҥнээх.
Саха киһитэ Аан дойдуну тутан турар күндэлэс күнүн хайҕаан «аламай маҥан күнүм» диир буоллаҕына, нуучча киһитэ «красное мое солнышко» диэҕэ. Эбэтэр саха киһитэ кэрэ кыыһы «арыы саһыл хааннаах» диэтэҕинэ нуучча «краснощекая, румяная девица» диирин ордоруоҕа. Онон төрөөбүт тыллаах киһи аан маҥнай үөскээбит ийэ тылын ис кутун иҥэриммит ойуулуур ньыманы баһылыах тустаах.
Бу үөрүйэх эмиэ анаан үөрэттэххэ, тылынан уус-уран айымньыны, тыл маастардарын айымньыларын тыыныгар уһуйулуннахха эрэ киһиэхэ олохсуйар. Үөрэтии хас биирдии киһини хомоҕой тыллаах оҥорбот эрээри, ойуулаан этиллибити дириҥник ылынар дьоҕуру биэриэн сөп. Алампа Соппуруонап:
Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук
Мин төрөөбүт аан ийэ дойдум
Халыҥ хаарынан
Саҥата суох сабыллан сытар…
Буруолаах балаҕаҥҥа,
Модун тымныы бохсон,
Боростуой дьон бука бары
Бокуйан сыталлар… – диэн ыраахтааҕы былааһын ыар батталын ойуулаан эппитин оччотооҕу саха дьоно эт өйдөрүнэн эрэ буолбакка эттэрин сааһынан, силиилэрин симэһинин кытта ситэри ылыммыт, өйдөөбүт буолуохтарын сөп. Оттон Күндэ төрөөбүт тылын:
Төрөөбүт
Төрүт тыл
Сөрүүн
Сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары
Сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон
Уутун курдук
Улахан куйааска
Утаҕы аһарар,
Ийэ тыл
Быстар-ойдор күҥҥэ
Быыһал-абырал буолар,
Өлөр-сүтэр күҥҥэ
Өрөһүлтэ буолар… – диэн этэн кэбиспитин күн бүгүнүгэр дылы уос номоҕо оҥостобут.
Саха киһитэ барахсан аныгы күҥҥэ-дьылга үөрэхтэнэн, сайдан араас омук тылынан айыллыбыт эгэлгэ хомоҕой тылы-өһү өйдүүр кыахтанан эрэр. Ол гынан баран ийэ тыл кутун-сүрүн иҥэриммит истиҥ-иһирэх тылынан этиллибит иэйии киниэхэ алыптаах алгыс курдук мэлдьи ордук күндү, чугас, кэрэ буола туруоҕа.
Тыл этэр, ойуулуур суолтата уонна иэйиини уhугуннарар, этиллэр, иhиллэр кэрэтэ таба дьүөрэлэhэр буоллахтарына, маннык тыл саха киhитин өйүн-санаатын сытыылыыр, мындыр, сылык ис айылгытын уhугуннарар. Үс кутун нарылаан үтүөнү-кэрэни ырыҥалыыр буоларга уhуйар. Билэр, сэрэйэр кыахха сирдээн сүрүн модьурҕатар, айар дьулурҕаны үөскэтэр.
Онон ийэ тылбыт барахсан, иэйиини үөскэтэн, иитэр, үөрэтэр, сайыннарар илбистээх ис кыаҕын ити судургута суох үөрэҕин үүнэр көлүөнэ ыччаппытыгар иҥэрэр, иитийэхтиир дьоҕурдаах, сатабыллаах дьону бэлэмниэҕиҥ. Ол буолуо ийэ тылбытын харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга киллэрэр биһиги сүдү кылааппыт.
This post was published on 12.03.2021 11:01 11:01