Хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт түөлбэтэ күндү, ураты истиҥ буолар. Ол да иһин хаһан баҕарар биһикпитин ыйаабыт, атахпытыгар бигэтик турбут сирбитин өрүү чугастык саныыбыт, күннээҕи түбүктэн тэйэн дойдубутугар талаһабыт, күүс-уох эбинэбит. Биир дойдулаахтарбытын, аймах-билэ дьоммутун, доҕотторбутун, үөлээннэхтэрбитин кытта алтыһарбыт олохпут тухары бөҕөх санааны үөскэтэр, бэйэ-бэйэҕэ өйөһөрбүтүгэр төһүү буолар.
Төрдүбүт-ууспут, өбүгэ ситиммит салҕана туруохтааҕын мэлдьи өйдүөх тустаахпыт. Ийэ дойдубутун көмүскүү, өрүү эйэлээх халлаан турарын туһугар биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт хорсуннук турууласпыттара. Кинилэр кыргыһыы хонуутугар сылдьаннар, Улуу Кыайыыны аҕалалларыгар төрүт түөлбэлэрин, төрөөбүт алаастарын санаан, сүрэхтиин-дууһалыын тардыһаллара.
Саха норуодунай артыыһа, өрөспүүбүлүкэ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданина, билиилээх мелодист, спортсмен Аркадий Михайлович Алексеев Саха сирин улуустарын ыраах уонна уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэригэр олорор сэрии оҕолоругар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бу күннэргэ көмө акциятын көҕүлээтэ. Кини бэйэтин үбүттэн биир кэмнээх харчынан көмөнү оҥордо уонна салгыы тарҕатарга Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Амма улуустарын нэһилиэктэрин дьаһалталарыгар ыытта. Биллэрин курдук, кини бу улуустар бочуоттаах гражданиннарын ааттарын сүгэр.
Акцияны Ил Дархан Айсен Николаев патриотизм уонна үтүө санаа холобура буолар диэн өйөөтө.
Аркадий Михайлович көҕүлээһинин төрөөбүт улууһугар, Мэҥэ Хаҥаласка, тута биһирээтилэр уонна нэһилиэктэр дьокутааттара, баһылыктара бу бачыымы өйөөн кыттыстылар.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар бу өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит акцияҕа уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай деятеллэри кыттаргытыгар уонна көмөҕө наадыйар Сахабыт сирин олохтоохторугар болҕомто уураргытыгар ыҥырабыт.
This post was published on 02.05.2020 17:01 17:01